Дети войны

 
 
Годы жизни: 1934 - 24.07.2001

Степанова Пелагея Васильевна, 1934 сыллаахха Кэнэлигэ Чөх өтө5өр төрөөбүтэ. Партията, үөрэ5э суох.

Бэйэтэ кэпсээбитинэн: "Бала5аммыт ба5аналара билигин да тураллар дииллэр. Үөрэниэхпин ба5арар этим да, дьонум миигин үөрэттэрэр кыа5а суохтара. Онон эрдэттэн үлэлээбитим: бурдук тардарым, хотоңңо көмөлөһөрүм. Ийэм колхозка үлэлиирэ. Оччотоо5уга колхоз киинэ Үөдэйгэ этэ. Күн аайы үлэ сводкатын Чкаловтан Үөдэйгэ киллэрэр этим. Онтубун о5уһунан таһабын. Биирдэ оннук баран истэхпинэ ороскуойдар (дезертирдэр буолуо) куттаабыттара. Хата, дьолго, тыыппатахтара. Кып-кыра хатыңыр кумааҺы эрэ илдьэ иһэр кыыстан тугу былдьыахпытый диэтэхтэрэ буолуо. Күнүһүн отчуттарга о5ус сиэтэн баран, түүнүн уот умуруоруутугар турунарбыт. Илиибитинэн бурдук быһарбыт. Өссө отчуттарга ыраах ба5айы сиртэн илиибинэн уу баһар этим. Дьэ, ити курдук, ол са5анаа5ы о5олор барыларын курдук, олох кырабыттан үлэ үөһүгэр оройбунан түспүтүм. Сэрии эрэ буолбатар ханнык дии саныыбын".

Пелагея Васильевна 10 о5олоох Герой Ийэ. Уон о5олоруттан сиэннэр, хос сиэннэр тэнийэ элбии тураллар.

 

Место рождения: Якутская АССР, Ленинский район, Едейский наслег
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ