Дети войны

 
 
Годы жизни: 20.02.1939-30.11.2019

1939 сыллаахха олунньу 20 күнүгэр Анна Ивановна(1899-1943) уонна Иван Гермогенович(1899-1943) Захаровтар дьиэ кэргэннэригэр уон төрдүс оҕонон биһиги аҕабыт, Захаров Трофим Иванович(1939-2019) күн сирин көрбүтэ. Захаровтар улахан кыыстара Марфа Ивановна(1926-2008) кэнниттэн төрөөбүт уон икки оҕо бары кыра саастарыгар өлөн иһэллэр эбит. Уол оҕолоро этэҥҥэ үс сааһын туолан быр бааччы олорон истэхтэринэ эмискэ күүс өттүнэн көһөрүүгэ күһэллэн "Төрүт" колхозтан 127 киһини Кэбээйинэн, Булуҥунан, Эдьигээнинэн көһөрүүгэ күһэйэллэр. Дьиэлэрин-уоттарын таах хаалларан, оччолорго Бараада үрэх сүнньүнэн Табы диэн сиргэ олорбуттар, син сэниэ ыал эбиттэр (билиҥҥитэ Төлөй нэһилиэгин таһынан) ынах сүөһүлэрин закупка диэн колхозка тутан ылбыттар, уонна балаҕан ыйын 16 күнуүэр 1942 сыллаахха айаҥҥа туруммуттар. Уопсайа Төлөй нэһилиэгиттэн 352 киһини күүс өттүнэн күһэйэн аллараа Бестээххэ ыйы ыйдаан айаннаан кэлбиттэр. Борхуокка олордон биһиги дьоммутун Кэбээйи оройуонугар 2с Сииттэгэ сүөккүүллэр, биһиги дьоммутун Дьарбас диэн дэриэбинэҕэ аҕалаллар, аҕам 3 саастаах, эдьиийэ Марфа 16-лаах кыыс, ийэлээх аҕалара Анна Ивановна уонна Иван Гермогенович 42 саастара, аҕаларын хос аата Куттах Уйбаан диэн эбит. Ону таһынан ийэлэрэ Ааныс бииргэ төрөөбүт балта Агафия Ивановна(1904-1995) кэргэнинээн Никифор Яковлевич(1892-1981) Смирниковтары кытта бииргэ айаннаан кэлэллэр. Хомойуох иһин дьоннорун арааран, кинилэри Маҕан Биэ диэн сиргэ ыыталлар. Биһиги эдьиийбит Алааппыйа Никииппэрдиин уон биирдэ оҕоломмуттар, да уон оҕото бары өлөн, саамай кыра уоллара атырдьах ыйыгар 1941 сыллаахха төрүүр. Ол биирдээх оголорун кытта Маган Биэҕэ бараллар. Күһүн олох тымныыга кэлбиттэр, дьиэ уот да суох буолан биэрбит, саатар таҥастара да чараас буолан олохтоохтор ким туох көмөтүнэн көмөлөһөөхтөөбүттэр да, ол ыар кэмҥэ бэйэлэрэ да мөлтөхтүк олороохтоотохторо. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка дылы биһиги дьоммут балыкка сылдьаллар уһу. Туох аанньа буолуой чараас танастаах, аччык дьон туох баалларынан дьоннорун тыыннаах хаалларбыт киьи диэн күүстээх санаалаах үлэ үөһүгэр сылдьыбыттара. Норма бурдук, улэлээбит киьиэхэ куннэ 1-2 устуука балык, ол иһин хоргуйан өлбөт туһуттан дьахталлар эмиэ бу ыарахан үлэни эмиэ үлэлииллэрэ. Бу ыарахан үлэттэн аҥардас аччыктаан өлбут киһи ахсаана күн аайы элбии турара, өлбүт дьону ахсааннара элбэҕин иһин кэлин биир ииҥҥэ үҥкүрүтэн баран барыларын бииргэ көмөллөрө. Ол курдук 1943 сыллаахха кыһын биһиги эһээбит Куттах Уйбаан аччыктаан өлөр. Сайыннааны диэри оҕолор ийэлэрин кытта бэйэлэрэ олоро сатыыллар даҕаны, астара суох буолан, аччыктаан-хоргуйан эбээбит ыксаан оҕолорун тыыннаах хаалларар баҕаттан, балтытыгар Маҥан Биэҕэ сатыы барарга сананар. Ол баран иһэн эбээбит барахсан сэниэтэ эстэн, охтон туһэн кыыһын Марфаны дьоҥҥор баран тыллаа, сэниэм суох диэн уолунаан суолга сытан хаалар. Эдьиийбит Марфа хас чаас сатыы хааман тиийбитэ буолла, дьонугар тиийэн тыллыыр. Онуоха дьоно сыарҕалаах оҕуһунан кэлбиттэрэ-эбээбит номнуо өлөн сытаахтыыр, аттыгар биһиги аҕабыт аччыктаан өлбут ийэтин эмиийин эмэ сытар. Дьоммут оннук бары бииргэ буола түһэллэр, да өр гымматтар, аҕабытын төгүрүк тулаайах диэн Сииттэҕэ детдомҥа ыыталлар. Төһө өр олорбутун билбэппит, ол гынан баран детдомҥа аһылык норматыгар аҕабыт аанньа тиксибэт буолан, аччыктаан сатаан хаампакка, нэһиилэ тэйбэҥниир оҕону, ааһан иһэр дьон бу кыра оҕону билэн, Маҥан Биэҕэ кэлэн эдьиийигэр уонна күтүөтүгэр тыллыылар. Онуоха дьоно билэн, айдааран күүстэринэн бэйэлэригэр ылаллар. 1944 сыллаахха олунньу ыйга, РСФСР Урдук Сэбиэтин укааһа тахсан, ыам ыйыгар Төлөйтөн төрүттээхтэр төттөрү дойдуларыгар төннүү буолар. Ким хаалааччы хаалар, төннөөччү төннөр. Ол курдук, этэннэ биһиги дьоммут төннөн иһэн айаны кыайан тулуйбакка Нам оройуонугар 1 Хомустаахха, Кыһыл Сыыр диэн сиргэ, Жданов аатынан колхозка үлэлии хаалаллар. 1947 сыллаахха аҕабытын төгүрүк тулаайах буолан, Хамаҕаттага детдомна күүстэринэн үөрэттэрэ ыыталлар, эдьиийэ Алааппыйа олох биэриэн багарбатах да, оскуолага уөрэнэр саастаах буолан эрэ ыытар. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Мааппа 1952 сыллаахха уол оҕотун Захаров Иван Афанасьевичы күн сирин көрдөрөр. 1953 сыллаахха детдом сабыллан Уус Алдаҥҥа күүстэринэн ыытаары гыммыттарын эдьиийэ Алааппыйа, күтүөтэ Никииппэр туруорсан Чурапчы детдомугар ыыттараллар, бэйэтин дойдута чугас диэн. Бастаан Мындаҕаайы детдомугар, онтон Дириҥҥэ үөрэнэн 7 кылааhы онно бүтэрэр. Биһиги дьоммут ийэ сир буордарын, дойдуларын, тапталлаах Төлөйдөрүгэр 1957 сыллаахха төннөн кэлэн олохсуйаллар. Дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн кэлбит үөрүүлэриттэн колхозка күүстээх үлэ үөһүгэр түһэллэр. Биһиги дьоммут наһаа сайаҕас, аһыныгас сүрэхтээх, наһаа сырдык санаалаах дьон этилэр, эбээ Алааппыйабыт, эьээ Никииппэрбит, эбээ Мааппабыт өлбөх сүтүктээх буолан бары аймахтарын, огдообо хаалбыттары, тулаайах хаалбыт оҕолорун, барыларын тумэн, көрөн-истэн улаатыннаран киһи оҥортообуттара. Биһиги аҕабыт 7 кылааhы бүтэрэн баран Дьокуускайга Ремесленнай училищеҕа биир сыл үөрэнэн столяр идэтин ылар. Саас Кэбээйигэ Сангаарга ананан Ньурба уолунаан бииргэ улэлии барбыттар. Баржаҕа миэстэ баарын таһынан борогуоннарын төлөөбөккөлөр экспедицияҕа баран хаалаллар. "48Партия" диэҥҥэ Кэбээйигэ буровой исследовательскай скважинаҕа биир сыл алмаз көрдөөһүҥҥэ үлэлиир. Ол кэннэ Ленскэй оройуонугар тиийэн тутуу материала, мебель комплектаан ыытааһыҥҥа үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар дьонугар Төлөйгө кэлэр. 1959 сыллаахха Өлөннөөх диэн фермаҕа үлэлии сылдьар ыанньыксыт кыыһы көрөн сөбүлээн, Мугудай мас кэрдээччи билэр дьоннорунан билиһиннэрэн ыал буолаллар. Бэйэтэ сөбүлээн олоҕун аҥаарын булан ылбыт кыыһа, Местникова Екатерина Петровна(1938-1980), Бахсыттан төрүттээх биэс бииргэ төрөөбүттэн иккис кыыс эбит. Холбоһон ыал буолан Дьэччимэнэн, Толоонунан олорбуттар. 1964 сыллаахха Төлөйгө дьиэ туттан, олохсуйан дьонун илдьэ бары бииргэ олорбуттар. Онтон эдьиийин Алааппыйалаахха 1972 сыллаахха дьиэ туттаран биир уьаайбага икки дьиэнэн олороллор. Ол сыл Чурапчыга тэрилтэтэ дьиэ биэрэн онно көһөн киирэллэр. 1969 сыллаахтан тутуу тэрилтэтигэр Межсовхозстрой диэҥҥэ 14 сыл плотнигынан үлэлиир, быыһыгар пилорамщиктыыр. Нэһилиэктэринэн наар улахан тутууга үлэлээбитэ. Дьэ, оройуоҥҥа киирэн дьиэлэнэн- уоттанан, түөрт уол, икки кыыс оҕолонон, тапталлаах дьиэ кэргэн, өйдөһөн- өйөһөн, быр- бааччы толору дьоллоохтук олорон истэхтэринэ, 30.03.1980 сыллаахха тапталлаах кэргэнэ күн сириттэн барар. Эмискэ тулаайахсыйан, алта оготун кытта соҕотох хаалар, кыра кыыһа төрүөҕүттэн инбэлиит. Бу ыарахан кэмигэр саамай чугас киьитэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Марфа аттыгар баар буолан, тирэх буолан оҕолору көрөргө улахан күүс көмө буолар. Бэйэтэ сиэн бөҕөлөнөн да олордор, быраатыгар көмөлөһөөрү, биһигини таҥыннаран аһатан-сиэтэн көрөн олорбута. Эбээ Мааппабыт оҕото Чурапчыга олохсуйар-Захаров Иван Афанасьевич тапталлаах кэргэнинээн Мария Григорьевналыын түөрт уол, биир кыыс оҕолоохтор, холбоон уопсайа уон сиэннээхтэр. Ону таһынан эдьиийэ Алааппыйа эмиэ кыаҕа баарынан огдообо хаалбыт быраатыгар көмөлөһөр, сайынны каникулга оҕолору ылан көрөр, икки улахан уол олох эбээ Алааппыйа уонна эһээ Никииппэр мааны оголоро этилэр. Эбээлээх эhээбит биир уол оҕолоохтор - Смирников Михаил Никифорович, тапталлаах кэргэнинээн Анна Васильевналыын, төрүт Төлөйдөрүгэр олохсуйан икки кыыс, биир уол оҕолоохтор, онтон биэс сиэн, үс хос сиэннээхтэр. Эһээбит Никииппэр 1981 сыллаахха күн сириттэн барбыта. Биһиги аҕабыт саамай күөрэйэр сааһыгар, 41гэр, алта оҕолоох соҕотох хаалан баран ыһыктан кэбиспэккэ олох ирдэбилинэн үлэлээн хамнаан, оҕолору атахтарыгар туруорар сыалтан олох олорор. 1987 сыллаахтан пенсияҕа тахсыар диэри мас кэрдээччинэн үлэлиир. Бу ыарахан үлэҕэ хамнаһа үрдүк диэн сылдьара. Кэлин пенсияҕа тахсан баран 1994 сыллаахтан араас сиргэ кочегардаабыта. 1995 сыллаахха аҕабар эмиэ ыар сүтүк буолар, ол курдук төрдүс кыра уола, Захаров Петр Трофимович (1966-1995) күн сириттэн суох буолар, ол кэннэ аны кинини киһи хара гыммыт чугас киһитэ, биһиги эбээбит Алааппыйа эмиэ күн сириттэн барбыта. Аҕам барахсаҥҥа төһөлөөх ыарахан сутук буолуой? Төрөппүт оҕону күн сириттэн сүтэрии, ону тэҥэ ийэ курдук көрбүт-истибит истиҥ чугас киһитин сүтэриитэ. Мин 1996 сыллаахха күһүн оҕобунаан куораттан көһөн аҕабар кэлэн олорбутум. Аҕабын оҕото көр, эн билигин пенсиялааххын сааһын да ыраатта, үлэлээн бүт, сынньан, диэн баран дьиэҕэ олордон кэбиспитим. 2000 сыллаахха куоракка дьиэ ылан дьоммун көһөрөн киллэрбитим: аҕабын, убайбын, инбэлиит балтыбын. Онно түөрт хостоох таас дьиэбин көрөн наһаа үөрбүтэ. Уонна туох да нэлэмэн дьиэ эбит диэн баран мүчүк гыммыта, ол аата үөрүүтэ сүр улахан. Дьоммун куоракка көһөрөн киллэрбиппэр бары соьуйбуттара, бу Торопуун оҕонньор хайдах куоракка олоруой диэн. Аҕам 1980 сыллаахха кэргэнин сүтэриэҕиттэн баттаҕа манхайан «Оҕонньор” диэн ааттыыр буолбуттара. Уопсайынан аҕабыт аҕыйах саҥалаах, мээнэ ону- маны кэпсээбэт, биир икки тылынан эрэ этээччи, онтуота барыта хайдах эрэ өйдөнөөччү. Куоракка киирэн дьэ нус хас олорон иьэн 2007 сыллаахха, улахан уола Захаров Владислав Трофимович(1960-2007) ыал агата, эһэтэ, кэргэнэ күн сириттэн суох буолуута эмиэ аҕабар ыар сүтүк буолбута. Ол кэннэ, аны 2008 сыллаахха баар суох эдьиийэ Мааппа күн сириттэн бараахтаабыта. Бу ыар сүтүктэрин бэйэтин иһигэр барытын тута сылдьаахтаабыта буолуо. Уопсайынан биьи дьоммут,эбээлэрбит, эьээбит, мин аҕам, ити ыарахан ыар сылларын, күүс өттүнэн күһэйиллэн Кэбээйигэ баран кэлбиттэрин, хаһан да, ханна да, кэпсии- ипсии, ытыы-соҥуу сылдьыбатахтара. Биһиги да билбэт этибит, кэлин дьонтон истэн ыйыттахпытына баран кэлбиппит эрэ диэччилэр. Бу олох кэлин эрэ билэн соһуйабыт, наһаа кытаанах санаалаах дьон эбит диэн, арааһа оччотооҕу былаас олох кэпсээмэн диэн дьаһал биэрбиттэрэ буолуо дуу, ол иьин ыарахан ыар олохторун кэпсээбэккэ, оннук сорохтор күн сириттэн бараахтаатахтара. Мин аҕам алта огону иитэн киьи оҥортоон, наһаа ыарахан олоҕу олорбута диэн 24 сыл олох бэйэбин кытта бииргэ олортум. Бүтэьик күнүгэр диэри бииргэ буоллубут. Миэхэ олорбутун тухары наар олох үчүгэйи эрэ көрдөрө сатаатым. Биирдэ ылан көрдөхпүнэ, дьоммут уһун соҕус үйэлээхтэр эбит, ол курдук мин агам 80 сааһыгар дылы олордо, абааһы ыар ыарыы ылбатаҕа буоллар, өссө да өр олоруо эбитэ буолуо, ону хомойуох иһин үс сыл ыар ыарыыны кытта олох күүскэ охсуһа сатаата да, хомойуох иһин ыарыы ылла. Бу биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит төһө да ыарахан олоҕу олордор, кини олох толору дьоллоохтук олоҕун олордо. Кини Чурапчы оройуонун тутуу тэрилтэтигэр, араас улахан тутуулары тутан, саамай ыарахан үлэҕэ, ыраах тыа баһыгар тайҕаҕа дэлээнэҕэ, мас кэрдээччинэн төһөлөөх тоҥон-хатан үлэлээбитэ буолуой, алта оҕотун атахтарыгар туруораары, дьиэлэригэр бэйэлэрин эрэ хааллартаан, кинилэри үөрэхтээх киһи оҥортоору, инбэлиит кыыһын эмтэтээри, үөрэттэрээри төһөлөөх соҕотох эр киьи сырата сылбата барбыта буолуой?Аҕам бэйэтэ наһаа боростуой, агыйах саҥалаах киһи буолан, хомойуох иhин биирдэ да грамотанан наҕараадаламматах, туох да чиэс бочуот диэҥҥэ тиксибэтэх эбит, наһаа кэнэн, наһаа чиэһинэй майгылаах, сырдык ыра санаалаах, оҕолорун эрэ туһугар бу күн сиригэр олоҕун анаан олорбут киьи буолар. Ол да буоллар олорбут олоҕо салҕанар- алта оҕоттон, аҕыс сиэн, уон аҕыс хос сиэн, өссө да элбии-кэҥии туруохтара буоллаҕа. Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Захаров Трофим Иванович олорбут олоҕо үйэттэн үйэгэ салҕанан бара туруо.
Суруйда кыыһа Агуля Трофимовна.

Место рождения: Телейский наслег, Чурапчинскиго района.
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ