Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 00.00.1896-00.00.1956

Аан дойдуну аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ хас биирдии ыал аанын тоҥсуйан, хас биирдии киһи олоҕор ыар бэлиэни, сүтүгү хаалларбыт уоттаах сэрии… Хаһан да умнуллубат, өйөтөн-сүрэхтэн сүппэт аһыы, аба, курас санаа… Аҕа дойдуну көмүскээччилэр истэригэр  Потапов аймахтан 9  киһи ыҥырыллыбытыттан 7 эдэркээн, удьуору ууһатар киһитэ сэрии толоонугар хаалбыта. Сүүһүнэн, тыһынчанан, мөлүйүөнүнэн сэбиэскэй дьон курдук красноармеец, рядовой саллаат үрдүк аатын сүгэн Ийэ дойду көмүскэлигэр тыыннарын толук уурбут аймах дьонум туһунан кэпсиэм.

Үс  ини- бии Афанасий, Анемподист, Афанасий Потаповтартан кыра уоллара Афанасий сиэнэ Потапов Спирдон Федорович 1896с. төрүөх. «Крупская» колхоз чилиэнэ. 1943с Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллыбыта.Үлэ фронугар күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. 1944с ыалдьан дойдутугар төннөн кэлэн колхозка, совхозка үтүө суобастаахтыкүлэлээбитэ. 1956с. өлбүтэ.

Годы службы: 1943-1944
Место рождения: Амгинский район Бологур
Место призыва: Чурапчинский РВК, Якутская АССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ