Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 08.05.1896-12.07.1983
Воинское звание: Красноармеец

Васильев  Иннокентий  Михайлович

       1896  сыллаахха  ыам ыйын 8   күнүгэр  7  оҕолоох  ыалга  5  оҕонон  төрөөбүтэ.  Кыра  эрдэҕиттэн  араас  үлэлэргэ  эриллибитинэн  барбыта. Лэгэнтэй  күүстээх, бэйэтин  кыанар буолан хайдах  да  үлэттэн  толлон  турбатаҕа. Үлэтин барытын  бутэһигэр диэри толороро, ол  иһин кырдьаҕастартан  куруук хайҕаныллар этэ. Улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ  ааҕар,  суруйар  буолбута. Сэрии  ыар  сылларыгар  колхуостары  тэрийии  курдук  уларыйыылары - эт  хараҕынан  көрбүтэ, сут-кураан  дьыллары,  сүөһү  аһылыга  кырыымчык   кэмин - илэ  бэйэтинэн  билбитэ. Кыра эрдэҕиттэн олох кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбитэ, оччотооҕу кырыымчык кэм оҕото буолан, адьас кыратыттан үлэлии-хамсыы үөрэммитэ.

      Иннокентий  Михайлович  бааһынай  көрүҥнээх,  аҕыйах саҥалаах,  сүрдээх  холку,  күлэн  мичилийэ  сылдьар,  күүстээх,  үлэһит киһи этэ. Иннокентий - маһы хаамтарбат  уус  киһи, оһохчут. Бээрийэ  иһигэр элбэх  ыалга  дьиэ  туппута,  оһохторун  оҥорбута. 1932 сыллаахха тутуллубут оскуолаҕа, 1950 сыллаахха тутуллубут кулууп дьиэтин тутуутугар  саҕаланыаҕыттан  бүтүөр  диэри  үлэлэспитэ. Үлэни  бүтэримтиэ,  бутэрэн  баран  биирдэ  тохтуура. Илиитин  үлэттэн  араарбат  үлэһит  киһи этэ. Бэрэбинэни аҥаар илиитинэн көтөҕөр күүстээх киһи, оттоох сыарҕа иҥнэри барбытын бэйэтэ көтөҕон таһаарар этэ.

      Иннокентий Михайлович 1942 сыллаахха Чурапчы райвоенкоматыттан саас бэбиэскэ тутан, сулууспалыы Германияҕа барбыта. 3 сыл сэрии фронугар сылдьан бааһыран, эмтэнэн баран, салҕыы 1948 сылга диэри Читаҕа байыаннай заводка кэлэн үлэлээбитэ. Кыайыы туһугар тыылга туох баар күүһүн харыстаабакка биэрбитэ.

      1949 сыллаахха олоҕун аргыһын Татьяна Николаевнаны көрсөн, ыал буолбуттара. 9 оҕону төрөтөн, урукку кэргэниттэн 2 оҕотун көрөн-истэн, 11 оҕону иитэн-үөрэтэн, улаатыннаран, олох киэн аартыгар таһаарбыттара. Ыалдьан да баран сиэннэрин көрсөн, күүс-көмө буолара. Оҕолорун улаатыннаран, үлэһит оҥороору тугу да харыстаабакка үлэлиирэ. Колхозтан биэнсиэйэҕэ тахсыбыта. Кэлин сельпоҕа атыыһытынан, онтон остуораһынан үлэлээбитэ. Биир массыына таһаҕаһы соҕотоҕун көтөҕөн сүөкүүрэ. Оҕолоро бары үөрэнэн, ыал буолан ийэлээх аҕаларын үөрдэллэрэ.

Иннокентий Михайлович  11 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос сиэннээх, хос хос сиэн эһээтэ,  дьоллоох аҕа. 1983 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

 

 

Годы службы: 1942-1948
Место рождения: Бярийинский наслег, Усть-Алданский р-н, Якутская обл.
Место призыва: Чурапчинский РВК, Якутская АССР, Чурапчинский р-н
Место службы: Германия
Боевые награды: За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 г.г., 25 лет Победы в ВОВ 1941-1945 г.г. ,30 лет Победы в ВОВ 1941-1945 г.г. , 40 лет Победы в ВОВ 1941-1945 г.г.,Ветеран труда
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ