Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1918
Воинское звание: рядовой

 

  

Мин хос  эһээм - 

сэрии кыттыылааҕа

       

Наҕараадалара:

           Сэрии бэтэрээнэ

  • Үлэ бэтэрээнэ
  • Нэһилиэк историятын үйэтитээччи
  • Нэһилиэк общественнига

 

      Яковлев Дмитрий Дмитриевич ийэм өттүнэн эбээм аҕата – хос эһээм буолар.

     Хос эһээм  1918 сыллаахха Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Кини 1942 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Чита, Ивановскай уобаластарга ыҥырыллан барбыта.

      Онтон 1943 сыллаахха Хотугу Кавказка химико – техническэй чааска сулууспалаабыта.

       1945 сыллаахха сэрии кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр кэлэн, ыал буолбута.

       Мин хос эһээм Дмитрий Дмитриевич 6 оҕо амарах аҕата, нэһилиэк көхтөөх общественнига, оҕо – аймах тапталлаах учуутала, үлэ, сэрии бэтэрээнэ, нэһилиэк историятын үйэтитээччи буолар.

 Николаев Олимпий,

хос сиэнэ, Таатта улууһун Баайа5а оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ.

Годы службы: 1942-1945
Место рождения: Таттинский улус, Тыарасинский наслег
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ