Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1912
Воинское звание: рядовой

Шамаев Дмитрий Филиппович

 4 оҕолоох,  Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ

  Наҕараадалара:

 

  • Сэрии бэтэрээнэ
  • Үлэ бэтэрээнэ
  • Мас, тимир ууһа

   Мин хос эһэм – Аҕа дойду Улуу сэриитин  кыттыылааҕа

     Мин хос эһэм Шамаев Дмитрий Филиппович (Аччыгый Миитэрэй) 1912 сыллаахха Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

      Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолуон иннинэ Дьокуускайга НКВД-га үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан дойдутугар сатыы барара. Оннук кытыгырас, бэйэтин кыанар киһи эбитэ үһү.

       Мин хос эһэм сэриигэ сылдьыбыта. Бииргэ төрөөбүт убайа Шамаев Афанасий Филиппович эмиэ уоттаах сэриигэ сылдьыбыта.

       Хос эһэм убайдара сэриигэ баран сураҕа суох сүппүттэригэр военкомакка баран армияҕа ыытарга көрдөспүтүгэр, ыыппатахтар. Ону сөбүлээбэккэ үлэтигэр тахсыбакка бойкуоттаабыт, ол иһин кинини сууттаабыттар уонна штрафной батальоҥҥа сэриигэ ыыппыттар.

       Штрафбат диэн бэйэтэ туспа армия эбитэ үһү. Бу армия саамай уот сэриигэ киирэрэ. Атаака буоллаҕына кэннилэригэр – бэйэлэрин саалаах харабыл дьонноро, иннилэригэр – өстөөхтөр этилэр. Сэриилэһэр сэбэ да суох, туга да суох атаакаҕа киирэллэр эбит, хахха буолан. Уҥа да, хаҥас да барар кытаанахтык бобуллар эбит. 300 киһиттэн 8 эрэ буолан хаалбыттар. Ол уоттаах сэрииттэн тыыннаах хаалбыт дьоҥҥо уордьан биэрбиттэр. «Чиэстээхтик ытык иэскитин толордугут» - диэбиттэр. Ол кэнниттэн буруйдарыттан босхолоон салгыы боростуой саллаат быһыытынан сулууспалаабыттар.

     Хос эһэм 1944 сыллаахха сэриигэ атаҕын тосту ыттаран, бааһыран төннөн кэлбит. Байыаннай үөрэхтээх буолан НКВД-га начальниктаабыт.

      Хос эһэм Дмитрий Филиппович уһулуччу уус киһи этэ. Кини сатаабатаҕа диэн суох үһү. Мастан уонна тимиртэн арааһы бары оҥорор эбит. Ыалларыгар тимир тыыны, быһаҕы, хомуһу, анньыыны оҥорон биэрэрэ, саалары ыраастаан биэрэр эбит. Ону таһынан иистэнэрэ үһү, бэйэтин таҥаһын барытын бэйэтэ тигэр эбит.

     Хос эһэм 4 оҕолооҕо: Феликс, Августина, мин эбэм Екатерина, Роман. Кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ уһанар, иистэнэр дьоҕурдаахтар. Хос эһэм Дмитрий Филиппович күүстээх, хорсун, өйдөөх, сатабыллаах киһи буолан уоттаах сэрииттэн эргиллэн кэлэн – биһиги баарбыт.

      Мин хос эһэбинэн киэн туттабын!

Апросимов Эрсан,

Баайа5а орто оскуолатын

2 кылааһын үөрэнээччитэ

Место рождения: Вилюйский улус, Лекеченский наслег
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ