Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1915 - 27.08.1944
Воинское звание: Красноармеец, стрелок

1915 с. Найахы нэһилиэгэр Бэкээрийэ алааска Таһымаан Испирдиэн диэн киһиэхэ төрөөбүтэ. Иннокентий, Роман диэн убайдардааҕа, Татьяна диэн балыстааҕа. Аҕата Спиридон Михайлович улахан уолунаан Иннокентийдыын 1928 с. Бэкээрийэҕэ «Саҥа көрүү» диэн ТОЗ табаарыстыба тэрийсибиттэрэ. Онтулара үрэллэн сорохторо Тэбиик нэһилиэгэр «Сонун олох» диэн холхуоһу тэрийбиттэрэ. Таһымааннар онно киирбиттэрэ. Сидор Спиридонович ол холхуоска суотчуттуу олорон 1942 с. Чурапчы ОВК-н ыҥырыллан барбыт. Сиидэр ураты дьоҕура диэн хайыһардьыт идэлээх эбит. 

«Память» кинигэҕэ ирдэһэн булан суруйбуттарынан, 305-с стрелковай полкаҕа сулууспалыы сылдьан, 1944 с. атырдьах ыйын 27 күнүгэр 1326-с көһө сылдьар госпитальга сытан ылбыт бааһыттан өлбүтүн Новгородскай уобалас Боровичи куоратыгар көмпүттэр.

Годы службы: 1942 - 1944
Место рождения: Якутская АССР, Дюпсюнский улус, Найахинский наслег
Место призыва: Чурапчинским РВК
Место службы: 3-й Прибалтийский фронт, 44-я стрелковая Чудовская дивизия, 305 стрелковый краснознаменный полк
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ