Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1916
Воинское звание: саллаат

Сэрии хонуутуттан эргиллэн кэлбэтэх буойун, биир дойдулаахпыт НИКИФОРОВ ЕГОР НИКИФОРОВИЧ  Тылгыны нэһилиэгэр 1916 сыллаахха төрөөбүтэ. Төгүрүк сирэйдээх, киэҥ харахтаах, кыһыл хааннаах, орто уҥуохтаах кыраһыабай дьүһүннээх киһи этэ диэн дьон ахтар.  Филиппова Александра Кононовна суруйбут ахтыытын ааҕыҥ: "...Егор мин ийэлээх, аҕабар оҕо курдук иитиллэн улааппыта. Колхозка киирэн бастыҥ үлэһит, удаарынньык буолар. Бүлүү куораттан бэдэрээт таһар. Ол сылдьан Кырыкыйтан Маарыйаны кэргэн ылан аҕалар. Егор үөрэҕэ суох этэ. 1939 сыллаахха промышленноска дьону хомуйуу буолбутугар Эһэ Хайаҕа үлэлии бара сылдьыбыта. Сэриигэ барыан иннинэ Бүөтүр уонна Куонаан диэн икки уол оҕоломмуттара. Кини 1942 сыллаахха күһүн армияҕа ыҥырыллан сэриигэ барбыта. Чита диэкки барбыт этэ. Сурук да, өлбүтүн туһунан да биллэрии кэлбэтэҕэ. Соннук сүтэн хаалбыта. Саатар ханна көмүллүбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ буоллар үчүгэй буолуо этэ. Кини олорботох олоҕун, оҕолоро, сиэннэрэ салҕыыллар. Улахан уола Бүөтүр - бастыҥ тракторист, үлэ удаарынньыга буолан Ригаҕа путевканан күүлэйдээн, сынньанан кэлбитэ." Кэргэнэ Тонгоесова Анна аҕалара оһолго түбэһэн өлбүтүн кэннэ үс оҕотун соҕотоҕун ииппитэ. Кыра уола Куонаан үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн, холкуос биригэдьиириттэн саҕалаан Бүлүү улууһун салайыыга тиийэ үлэлээбитэ. Конон Егорович уонна Валентина Петровна (Потаповтар) - Тылгыны нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Саллаат Никифоров Е.Н. олоҕун кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, элбэх ыччаттара салгыыллар, ситиспэтэҕин ситиһэллэр. Сураҕа суох сүппүт биир дойдулаахпыт, буойун Никифоров Егор Никифорович үтүө аата умнуллубат.

Годы службы: 1942
Место рождения: Тылгыны, Үөһэ Бүлүү
Место призыва: Үөһэ Бүлүү
Место службы: Чита
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ