Данилов Николай Данилович, 1900 с. төрүөх, үөрэҕэ суох, колхоз чилиэнэ, колхоз балыктыыр биригээдэтигэр үлэлээбит.Кэргэннээх, икки уол оҕолоох. Булчут бэрдэ эбит. Сэриигэ 1944 с. бэс ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыт, Забайкальскай байыаннай уокурук 11 нүөмэрдээх байыаннай чааһыгар рядовойунан сулууспалаабыт. 1945 с. алтынньы ый 24 күнүгэр демобилизацияламмыт. Сэрии кэнниттэн колхоһугар араас үлэлэргэ, бултка сылдьыбыта.1979 с. от ыйын от ыйын 3 күнүгэр өлбүтэ.