Скрыбыкин Степан Степанович, Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин "Жданов" аатынан холкуоһугар үлэлии сылдьан, 1943 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллан барбыт. Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыт. 1948 сыллаахха "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар Килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Степан Степановиһы төрөөбүт сирин дьоно-сэргэтэ умнубаттар.