Алексеев Семен Григорьевич
- Годы жизни: 02.09.1936 - 15.04.2009
Алексеев Семен Григорьевич
Биһиги аҕабыт Семен Григорьевич 1936 с. балаҕан ыйын 2 күнүгэр Ι Малдьаҕар Дьобулҕатыгар төрөөбүт. Аҕата сэриигэ барарыгар 6-лаах уол ийэтин батыһан Сатаҕа киирэн атаарсыбыт. Оҥочоҕо туран испииһэгинэн дьону ыҥырар Исаков Николай диэн киһини абааһы көрбүтүн өйдөөн хаалбыт. «Сэрии сылын оҕото» буолан Покровскайга салгыы үөрэммэтэх. Биир ыалтан биир оҕону интернакка ылар буоланнар балта Анна Григорьевна үөрэнэ хаалбыт. «Үүнэр ыччат» холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбит. 1956 с. Якутскайга Валя эдьиийин аахха киирэн киномеханиктар оскуолаларыгар үөрэнэн бүтэрэн 1956 с. Мэҥэ-Хаҥаласка үлэлии барар. Көһө сылдьан көрдөрөр киинэ установкаҕа киномеханигынан үлэлиир. Онно үс сыл үлэлиир. Үлэлиир кэмигэр бэриллибит былаанын аһара толорон социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа, элбэхтэ профсоюз обкомун, култуура министиэристибэтин бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланар. 1959 с. Якутскайга киирэн суоппар-тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэн баран Свердловскайга Армияҕа сулууспалыы барар. Онно байыаннай объектары тутууга бульдозерист-машиниһынан үлэлиир. Армияттан кэлэн баран 1962 с. “Холбоско” тырахтарыыһынан, суоппарынан үлэлиир. 1971 с. «Булгунньахтаах» совхозка уу баһар, үүт таһар массыынаҕа суоппардыыр. Кэлин мас таһар ЗИЛ-га, эргэ ММЗ самосвалга чох тиэйиитигэр үлэлиир. 1985, 1986, 1987, 1989 сс. совхоз чемпион-суоппара, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, биэс төгүл «Чемпион-ударник» аатын ылбыта. 1988 с. Орджоникидзевскай оройуон чемпион суоппарын аатын ылбыта. Нэһилиэк Кыһыл кинигэтигэр киирбит, үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк Сэбиэтин депутата. Биэс оҕолоох, тоҕус сиэннээх дьон ытыктыыр мааны киһитэ 2009 сыл муус устар 15 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
Кэргэнэ Альбина Ивановна,
оҕолоро Григорий, Сардаана, Елена, Александр, Иван. 10.12.2010 сыл
- Место рождения: I Мальжегарский наслег Орджоникидзевского района
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY