Николаева (Скрыбыкина) Татьяна Семеновна (27.03.1931 с.), Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин "Жданов" холкуоска, сүөһү, хонуу, бурдук үлэтигэр үлэлээн, "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. Килбиэннээх үлэтин иһин" 1991 с. мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Билигин 89 саастаах ытык-мааны ийэ, Эбээ буолан, этэҥҥэ Дьокуускай к. Кыайыы 75 сыллаах өрөгөйүн көрсөөрү олорор.