Годы жизни: - 1957

Эһэбит, стахановец Дмитриев Павел Михайлович – Кыыл Байбаас туһунан ахтыы

Биһиги аҕабытынан эһэбит, Дмитриев Павел Михайлович – Кыыл Байбаас (Бытык), Тыараһа сиригэр, Малдьаҕар аттыгар, Кыыл алааһа диэн сиргэ өтөхтөөҕө. 1929-1930сс. Сталин аатынан холкуос тэриллэн, нэһилиэктэр кыраныыссалара бигэргэнэн, Тыыллыма нэһилиэгэр киирсэр Тыараһа дьоно Хара нэһилиэгэр хабыллыбыттара. Эһэбит эдэр сааһыгар көмүстээх Бодойбоҕо атыыһыттарга таһаҕасчытынан, кэлин көмүс хостооһунугар балай да өр үлэлээбитэ, үөрэҕэ суох.

1915 сыллаахха Хатас кыыһын, Дмитриева (Егорова) Татьяна Петровнаны, сүгүннэрэн аҕалан, ыал буолбуттар, икки уол оҕоломмуттар. Улаханнара Дмитриев Николай (Моес) Павлович диэн ааттаах, 1939 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, хоту үлэҕэ ананан барыаҕыттан туох да сурах суох. Иккис уоллара – биһиги аҕабыт Дмитриев Петр Павлович 1929 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕабыт уон эрэ саастааҕар, 1939 с., төрөппүт ийэтэ ыалдьан, күн сириттэн күрэнэр.  1930 сыллаахха эһэбит Байбаас кэргэнинээн «Кыһыл сухаһыт» диэн артыалга чилиэнинэн киирбиттэр. Күһүн 1931 сыллаахха бөдөҥсүтүү буолан, үс кыра хаһаайыстыбаны холбоон, Сталин аатынан холкуос тэриллэн, онно киирбиттэр. Эһэбит иккис кэргэнин, Петрова Татьяна Ивановнаны 1946 сыллаахха ылар, Аҕа дойду кытаанах кэмнэригэр уолун бэйэтэ көрөн истэн улаатыннарбыт.

Харалар баар суох тумус туттар киһибит, РСФСР-га Саха АССР миниистирдэрин Советын боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит Игнатьев Иннокентий Гаврильевич 2009 сыллаахха дойдутугар кэлэ сылдьан, нэһилиэгин дьонугар урукку кэмин ахтан санаан ахтыы оҥороругар, эһэбит Павел Михайловиһы дьиҥ истиҥ-иһирэх тылынан ахтыбыта. Онон киэн туттабыт. Кини кэпсииринэн, эһэбит сэрии ыар сылларыгар от үлэтигэр, бурдук үүннэриитигэр оҕолору батыһыннара сылдьан үлэ, олох мындырыгар үөрэтэр, үлэтигэр сүрдээх эппиэтинэстээхтик, ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар, оҕолору табатык дьаһайан, наар үрдүк көрдөрүүнү ситиһэллэр эбит. Иннокентий Гаврилович ахтарынан, эһэбит оҕолорго аҕалыы амарах сыһыаннааҕа, барыларыгар биир тэҥ ирдэбиллээҕэ үһү. 

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар 70-ча саастаах оҕонньор туох баар күүһүн-күдэҕин харыстаабакка үлэлээбит. 1944-1945 сылларга кини салайар биригээдэтэ бурдук үүннэриитигэр үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын дипломун уонна “стахановец” диэн үрдүк ааты туттарбыттар. Ол сыратын сыаналааннар, 1947 сыллаахха «1941-1945сс. Аҕа дойду Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Бурдук үүннэриитигэр үрдүк көрдөрүүлээх звеновод буолан, 1948 сыллаахха уопут атастаһа Красноярскай кыраайга бара сылдьыбыт. 

Эһэбит барахсан букатын кырдьыар диэри, 1956 с. диэри нэһилиэгин туһугар туругуран туран көмүс көлөһүнүн тохпут эбит. 1957 сылаахха, аҕыс уонун лаппа ааһан баран, уһун ыарахан ыарыыттан өлбүт.

 Хара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспөбүүлүкэтин

 үтүөлээх тутааччыта Антонина Петровна ОКОЕМОВА

Боевые награды: Присвоено высокое звание "Стахановец", награждён медалью «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.»
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ