В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1935 - 2009

Мин эбэм тыл ветерана Никифорова Анна Иннокентьевна 1935 сыллаахха от ыйыгар төрөөбүттэ.
Мин эбэм аҕата сэриигэ барарыгар аҕыстаах кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтигэр көмөлөһөөччү буолбута, холкуоска бастаан оҕус сиэтээччинэн, ньирэй көрөөччүнэн, ынах хомуйааччыннан, бугул түгэҕин харбааччыннан үлэлээбит. Онтон арыый улаатан баран бурдук быһааччынан, хомуйааччыннан,ыанньыксытынан үлэлээбит, кини тыыл бэтэрээнинэн буолар. Кэлин улаатан ыал буолан баран холкуоска,сопхуоска ыанньыксытынан, онтон "Сардаҥа" оҕо саадыгар пенсияҕа тахсыар диэри ньээнньэлээбитэ. Кини уон оҕолоох герой-ийэ, онус оҕотун оҕото буолабын. Мин эбээм барахсаны ахтабын,саныыбын.Ураа!!!

Суруйда сиэнэ Андрей Николаев. Маалыкай. 2020 с. 

Место рождения: Кукакинский н-г, Нюрбинский район, Якутская АССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ