В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1924 - 2007

Аан дойдуну аймаабыт, киһи-аймах олоҕун биир умнуллубат кэрдиис кэмэ – сэрии сыллара... Бу олорон санаатахха, киһи олоҕор буолбут туох эрэ куһаҕан түгэни эргитэн аҕалан саныан баҕарбат, ыарахан кэми умна сатыыр. Онтон сэрии кыттыылаахтара эһээлэрбит, эбээлэрбит, ыар кэми уйулҕаларынан тулуйан, эттэринэн-хааннарынан аһарынан кэлбит дьоммут үйэлэрин тухары сүрэхтэрин түгэҕэр чэр гынан илдьэ сырыттахтара... Ол иһин даҕаны буолуо, дьоммут биһиэхэ ол сыллары кэпсээбэт, ахта-саныы сатаабат этилэр.

Аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит Ефремов Елисей Васильевич 1924 с. от ыйын 1 кунугэр Бордон нэһилиэгин Маалыкай сэлиэнньэтин аттыгар баар Кураанахха төрөөбүтэ. Аҕата, ийэтэ эрдэ өлөн оҕо эрдэҕиттэн төгүрүк тулаайах хаалан, наар ханна муннук баар да, онно сылдьыбыттар. Ас диэн бэрт кэмчи буолан аччык аҥаардаах сылдьарбыт,  дэлэҕэ «лэппиэскэни биирдэ тото сиэн баран өлбут баар ини» дии саныыр этибит диэн кэпсиир эбит. Ол тулаайах хаалан баран биир баласкаат суорат, курууска холбуй үүт иһин ыалы кэрийэн балтытынаан оҕо көрсөн, имии имитиһэн сылдьыбыттар. Бу сылдьан иккиэн өлүүһүкпүт диэн, балтытын Агааппыйаны Прокопьевтарга, ол кэмҥэ сэнэхтик олорор ыалга, илдьэн биэрбит. Ойуур устун сүгэн истэҕинэ чаччыгыныар чыычаах балтын баттаҕар саахтаабытыгар: «Саатар эн эмиэ сэниигин дуо?” – диэн ытамныйа-ытамныйа баттахпын ыраастыырын өйдүүбүн диэбиттээх эдьийбит Агааппыйа. Ол сылдьан, санаата буолбакка, балтытын уоран тиийэн көрөр эбит, аны оҕобун хамначчыт гына сылдьаллара дуу диэн. Онтум олус үтүө ыалга түбэһэн, бэйэлэрин кыыстарын курдук көрбүттэрэ диирэ.

"Нокоо, маннык сылдьан суолга охтууһугун (оччолорго суолга өлбут элбэх эбит), онон Малдьаҕарга убайыгар Тэбэргэ - Ефремов Николай Тимофеевичка бар, ол убайын харайдаҕына тыыннаах хаалыаҥ", -- диэн сүбэлээбиттэр. Дьон сүбэтин ылынан, онно барардыы, Кураанаҕар, ыкса ыалларыгар Лыткиннарга, хонон ааһарга сананан киирбит. Кэпсэппэхтээн баран эбэлэрэ Өлөөнө: «Хайа бу ханналаан иһэҕин?» - диэн ыйыппыт. Онуоха Малдьаҕарга убайыгар Тэбэргэ баран иһэрин кэпсээбит. Эмээхсин уол таҥаһын-сабын туппалаан көрөн баран: «Бу уол таҥаһа тоҕо чыбдаххайай, аара тоҥон өлүүһү», - диэбит уонна эргэ куобах истээх ыстаанын булан, маны тугунан эмэ аттаран, абырыхтаан биэрииһикпит диэбит. Кырдьык, түүнү быһа иистэнэн, аттаран, абырахтаан бэлэм гыммыт этэ. Сарсыарда ону кэппитим ол сылааһыан, учугэйиэн. Хата, кырдьык, ол иһин үлүйбэтэҕим диирэ. Малдьаҕарга олорор убайдарын Ефремов Николай Тимофеевиһы булан тиийэр. Эһиги төрүөх ыйааххытыгар убайбын Тэбэри булан тыыннаах хаалбытым диэччи. Убайыгар, саҥаһыгар улахан махталлаах этэ. Мэлдьи сылаас тылынан ахтааччы.

1931 с. оскуолаҕа киирбит. Пионердыыр кэмигэр горнистаабыт. Аармыйаттан доруобуйатынан сыыйыллыбыт. Сэрии кэмигэр ыарахан үлэлэргэ үлэлээбит. Оҕо сааһыттан колхозка сайын бостууктаан, от үлэтигэр оҕус сиэтэн улааппыт. Онтон колхоз дьиҥнээх чилиэнэ буолан сүөһү-хонуу үлэтигэр, кыһын сүөһү көрүүтүгэр, сайын от-бурдук үлэтигэр улэлээбит. Оннук үлэлии сырыттаҕына ыаллыы Кукаакы нэһилиэгэр сэбиэт секретарынан үлэҕэ ылбыттар. Улэлии сылдьан комсомолга киирбит, Райкомол чилиэнэ буолбут. 1955 с. Кукаакы нэһилиэгин бөдөҥсүтүү ухханыгар, Бордон нэһилиэгэр холбуур кэмнэригэр, үлэтэ суох хаалбыт.  Ол иьин Маай Эҥээрдэк түбэтигэр алмааһы көрдүүр экспедицияҕа араас үлэҕэ үлэлээбит: мас кэрдээччи, отчут, куонньук, лесник. Кэлин хас да сыл атыыһыттаабыт. Онтон арыы сыаҕа арыллыбытыгар бастаан рабочайынан, онтон маастарынан улэлээбитэ. Төрөөбут дойдутугар Маалыкайга көһөн кэлэн тутууга, онтон Степан Васильев аатынан совхоз киин отделениятыгар завхозтаабыта. Общественнай үлэттэн туора турбат этэ. Төрөппүт кэмитиэтин чилиэнинэн, отделение месткомун председателинэн улэлээбитэ. Маны сэргэ хас быыбар буоллаҕына хамыыьыйа чилиэнинэн улэлэһэрэ. Пенсияҕа да тахсан баран тэһийэн олорбокко, «Сардаҥа» уһуйааҥҥа хас да сыл дворнигынан үлэлээбитэ. Эһээбит 83 сааһыгар диэри от-мас, дьиэ ис-тас үлэтин барытын күннэтэ үлэлии сылдьыбыта. Сиэннэрин сиэтэ сылдьан от-мас үлэтигэр уһуйбута. Сир астыырын, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ. «Үлэ баар киһини дьоллуур» диэн санааннан салайтара.

Балтынаан бу сиртэн барыахтарыгар дылы бэйэ-бэйэлэригэр кэлэн, күн уһаатаҕына, кыстыгы этэҥҥэ туораабыттарын быһыытынан кэлэн ирэ-хоро кэпсэтэн, сүбэ-ама бэрсэн бараллара. "Балтыбын көрөн кэлиэм" диэн барар этэ.  Ардыгар эдьийбит убайыгар кэлэр буолара. Бэйэ бэйэлэригэр туох ордуктаахтарынан бэрсиһэн, көмөлөсүһэн олорбуттара биһиэхэ улахан холобур буолара.

Елисей Васильевич Бордон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх улэтин иһин» мэтээллээх, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларынан мэтээллэрдээх, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Бу эйэлээх олох кэлбитигэр наһаа үөрэрэ. Сэрии хаһан да буолбатын, эһиги ити ыар кэмнэри билбэккит ордук диэччи...

Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Ефремовтар, Соловьевтар, Ивановтар, Неустроевтар, Бурнашевтар, Степановтар, Самиевтар, Осиповтар, Протопоповтар. 2020сыл.

Место рождения: Нюрбинский улус, Бордонский наслег, местность Куранах
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ