В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 12.07.1914с.-16.12.2000с.

15 сааһыттан "Үүнүү" холкуос тэриллибитин кэннэ ыанньыксытынан үлэлээбит. Сэрии кэмигэр 1941-1942сс. сут дьылларыгар быстаран ахсынньы ыйга Нам Хатырыгар дьиэ кэргэнинээн көһөн барбыттар. Өрүс тибиитэ, хаһыыта испиискэ уотунан суолларын сырдатан олорор сирдэрин булбуттар. Тоҥ хаһаа хотоҥҥо киирэн хаарынан көмөн сүөһүлэрин туруорбуттар. Сайыҥҥы кэмҥэ оттоон, эр киһи үлэтин толорон дьонун сэргэтин аһатан  олорбут. Үчүгэй үлэһиккэ 200-300 грамм арыы биэрэллэр үһү. Сэрии ыар кэмигэр кыа угунан, бутугас оту, өлүк сүөһүнү үллэстэн аһыыллара. 1942 сыллаахха дойдуларыгар төннөн кэлэн олохсуйбут. 1943 сыллаахха бэбиэскэ тутан тыыл фронугар Алдаҥҥа Томмокко мас кэрдээччинэн үлэлии барбыт. Манна туйгун үлэһит буолан "Ударник" аата иҥэриллибитэ. 1946 сыллаахха эргиллэн кэлэн "Үүнүү" колхозка үлэтин салҕаабыт. 5 оҕолоох, 13 сиэннээх, 21 хос сиэннээх. 87 сааһыгар орто дойдуттан туораабыта.

 Наҕараадалара: Үлэ-тыыл ветерана;"Коммустическай улэ ударнигын бэлиэнэн";  "Пятилетка кыайыылааҕа"; Кыайыы 30 сылынан, Кыайыы 40 сылынан; "В.И.Ленин төрөөбутэ 100 сыла" туолуутунан бэлиэтээн. Килбиэннээх үлэтин иһин" үбүлүөйдээх мэтээллэринэн.

Место рождения: I Өспөхский наслег, Дюпсюнского улуса
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ