Семенова Елена Васильевна Муус устар 3 күнүгэр 1919 сыллаахха Чурапчы оройуонун Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кэргэнэ Еримей Илларионович сэриигэ барбытын кэннэ 1942 сыллаахха 3 оҕолоох Булун оройуонугар «Кыһыл Сурт» диэн участокка көүөрүллэн барбыта. 2 саастаах кыыһа ыарахан айаны тулуйбакка күн сириттэн суох буолбута. Елена Васильевна ыарахан ыарыыга ылларан төннүбүтэ. 1970 сыллаахха ыарахын ыарыыттан өлбүтэ.