В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1908-2003

Филиппова Анна Петровна, 1908-2003

Филиппова Анна Петровна 1908 сыллаахха Амма оройуонун Лээги нэhилиэгэр Николаевтар дьиэ кэргэнигэр торообутэ. Николаевтар элбэх о5олоох буоланнар Анна Петровнаны ийэтин убаайа Архипов Буотур – Нэлээhэ Буотур ылан ииппит.

1933 сыллаахха Онньуос олохтоо5ор Филиппов Гаврил Ионовичка кэргэн тахсыбыт. Кэргэнэ Гаврил Ионович 1941 сыллаахха сэриигэ баран 1942 сыллаахха олбут, онон Анна Петровна сэрии огдообото буолар.

Эр дьон бары сэриигэ барбыттарын кэннэ 1941-1942 сыллаахха Онньуос колхозка Ус колуйэ диэн сиргэ биригэдьииринэн улэлиир. Сайыннары-кыhыннары Ус колуйэни отунан-маьынан, мууьунан хааччыйан олорбут. Иккилии устуу колонон от тиэйэн, тыаттан мас кэрдэн киллэрэн, 210 ынахха эппиэттээн олорбут. Онтон хаар ууллубутун кэннэ 10-13 саастаах 6 уол огону илдьэ сир хорутуутугар сылдьыбыт. Ол быыьыгар куобах утулук, кээнчэ тигэн государствога туттараллар эбит. Дэриэбинэ5э уксэ оголор уонна дьахталлар эрэ хааламмыт барыта илии кууьунэн улэлиирбит диэн кэпсиирэ. 1943-1944 сыллаахха Онньуостэн Аллаах Ууннэ таьагас таьыытыгар сылдьыбыт, тордуо буолан туорт атынан сылдьар этибит диирэ. Оччото5у кэмнэ Аллаах Уун суола-ииьэ куьа5ана, хонон ааьар сирдэрэ кыара5астара, айанныырга олус эрэйдээх этэ диэн кэпсиирэ. Бу барыта дойду туhугар тууннэри-кунустэри улэлиирбит диирэ.

Сэрии ыар сылларын кэргэнин дойдутугар Онньуоскэ атаарбыт. Онньуос колхоз туруорсуутунан Сталин тоболоох мэтээлинэн, элбэх юбилейнай мэтээллэринэн на5араадаламмыта, тыыл ветерана буолбута.

1945 сыллаахха Ботун нэьилиэгэр Кыьыл Кэккэ5э кэлэн Сергеев Иннокентий Федоровичка кэргэн тахсан ус огону иитэн-уорэтэн улаатыннарбыттара.

Анна Петровна ча5ылхай ологу олорон, о5о бо5отун о5олоон, сиэн бо5отун биэбэйдээн, уьун уйэлээхтэргэ киирэн 2003 сыллаахха 95 сааhыгар кун сириттэн бараахтаабыта.

Анна Петровна оголоро, сиэннэрэ киэн туттабыт, ойдуубут, махтанабыт.

Место рождения: Лээгинский наслег, Амгинский улус
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ