В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 15.05.1915-18.05.1986
Воинское звание: -

Ийэбит 1915 сыллаахха, ыам ыйын 15 күнүгэр төрөөбүт. Кини бииргэ төрөөбуттэрэ 12 оҕо эбиттэр, ийэтэ-аҕата олох кыраларыгар өлбүттэр. Аҕабын олох өйдөөбөппүн, ийэм ыалдьа сытарын өйдүүбүн, - диир этэ ийэбит.

Шелковниковтар уруккута Дүпсүн улууһун Чэриктэй нэһилиэгэр – Дьэли диэн сиргэ олорбуттар. Бу билиҥҥи Чэриктэйтэн тоҕус көс илин сытар. Суола-ииһэ суох, булчуттар эрэ тиийэр сирдэрэ буолан турар. Ийэм Дьэлитин наһаа ахтар-саныыр этэ. Олус кэрэ айылҕалаах, бултаах-астаах , Алдан эбэ  олох көстөн турар сирэ диэн өйдөбүл хаалбыт.

Аҕалара – Шелковников Иннокентий Назарович, ийэлэрэ – Шелковникова Матрена Константиновна. Кини  1922 сыллаахха икки кыра кыргыттара,  Өрүүнэ- 7 уонна Мааппа- 5 саастаахтарыгар өлбүт.

Оҕолор эһэлэригэр Наһаар (Назар Петрович) оҕонньорго хаалаллар. “Эһэм үрдүк уҥуохтаах, күөх харахтаах, кыһыл бытыктаах оҕонньор этэ,  балтыбын кытта мин кыыһырдахпытына эһэбитин  «күөх харах, күөх харах “ диир этибит “ – диэн ийэм кэпсиир этэ. Эһэтин наһаа күндүтүк саныыра, ханна эмит бардаҕына кыра да буоллар окко суулаан кэһиилээх кэлээччи диирэ. Эһэлэрэ оҕонньор ийэм 9 саастааҕар өлбүт.

Кыргыттар олох төгүрүк тулаайах хаалбыттар. Онон Дьэлигэ биллэр баай киһиэхэ илии-атах үлэһит буолбуттар. Ийэбин 13-14 саастааҕар ити баай ыаллар уолларыгар кэргэн биэрбиттэр, ийэбиттэн балай да аҕа саастаах киһиэхэ.Онтон үс уолланан баран сэрии иннигэр арахсан хаалар. Сэрии ыар сылларыгар субай сүөһүлэри кербүт уонна дояркалаабыт. Ол кэмҥэ ынаҕы түөртэ ыыллара, сарсыарда хараҥаҕа баран ынахтарын хомуйан ыан, үүттэрин туттаран хойут хараҥарыыта дьиэлэригэр кэлэллэрэ,  оҕолор бэйэлэрэ олорор этилэр.  Түүн кэлэн фроҥҥа ыытарга үтүлүк, кээнчэ тигэллэр этэ. Эр киһи үлэтэ барыта дьахтар-аймах көхсүгэр сүктэриллибитэ,  сүрдээх улахан кууллары бэйэбит сүгэн таһар этибит диэн ийэм кэпсиирэ. Бэрт ыар, сут дьылларга бэс сутукатын сииллэр эбит.

1943 сыллаахха аҕабыт Бурнашев Николай Яковлевич ол сагана бэрэссэдээтэл, ийэбит дояркалыыр, соһуччу баҕайы ыал буолуох диэн кэргэн кэпсэппит. Ийэбит субэтин биэрэн, ол саҕана кини 3 уол оҕолоох, аҕабыт - 1 кыыс, 4 уол оҕолоох огдооболор этилэр. Онон холбоһоот  1 кыыс, 7 уол оҕолоох ыал буолбуттар. Онтон утуу-субуу биһиги, 7 оҕо төрөөбүппүт. 1960 сыллаахха «Герой  Ийэ» үрдүк аата иҥэриллибитэ.  1961 сыллаахха аҕабыт өлбүтүн кэннэ ийэбит соҕотох хаалан баран араас ыарахан үлэлэргэ үлэлээбитэ. Оскуолаҕа, балыыһаҕа остуорастаабыта, интернакка повардаабыта. 7 кэнники о5олортон улахан эдьиийбит үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускайга барыбытын көһөрөн аҕалбытыгар, дьэ сынньаммыта.

Наҕараадалара:" Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс.  үлэтин иһин" килбиэннээх мэтээллээх, "Герой-Ийэ" Кыһыл сулус орденнаах.

Билигин иитэн таһаарбыт 15 оҕолоро, сиэннэрэ, хос, хос-хос  сиэннэрэ  араас идэлэри баһылаан, ыал буолан тэнийэн  республика араас улуустарынан, сорохторо тас  да дойдуларга,   Америкаҕа тиийэ  тарҕанан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Хаһан да ийэбит, эбээбит, хос эбээбит, хос-хос эбээбит аата умнуллуо суоҕа, үйэ-саас тухары ахта-саныы сылдьыахпыт. 

Место рождения: Усть-Алданский район, Дьэли
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ