Габышев Иван Николаевич, Өймөкөөн оройуонугар төрөөбүт. Сэрии иннинэ эдьиийин кытта Саһыл нэһилиэгэр киирбит . Онон "Жданов" холкуоска ыал буолан олорбут. Сэрии сылларыгар холкуос маһынан ууһанар үлэтин сүкпүт. Иван Николаевич сатабыллаах илиитинэн, ат уонна оҕус көлүнэр сыарҕаларын кэмигэр оҥорон, холкуос улэтэ биирдэ да тохтооботох. Иван Николаевич ону тэҥэ от үлэтин тээбириннэрин оҥорон хааччыйбыт. Иван Николаевич "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар Килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кытыл дьоно-сэргэтэ кинини умнубаттар.