В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1907 - 1986

Платонова Наталья Никифоровна 1907 сыллаахха Бүтэйдээххэ Стручковтар диэн дьадаҥы бааһынай ыалыгар 5-с оҕонон күн сирин көрбүт. Платонов Василий Семеновичка кэргэн тахсан  II Наахараҕа олохсуйбуттара, 5 оҕоломмуттара.                                1931  сыллаахха “Күөдүй” холкуос чилиэнэ буолбута, онно араас үлэҕэ үлэлээбит, дайааркалаабыт. 1942 с. кэргэнэ аармыйаҕа ыҥырыллан барбыт. 4 оҕото уонна кырдьаҕас о5онньор (эһэлэрэ) эбэм дьарамай санныгар хаалбыттара. Сир хоруттарыыта, бурдук ыһыыта, оскуолаҕа, балыыһаҕа саһаан охсуута, мас эрбээһинэ, бурдук тиэйиитэ барыта дьахтар үлэтэ. Наталья Никифоровна трахома ыарыытыгар ыалдьа сылдьан, сир хоруттарыытыгар оҕус сиэтэр эбит. 1946 сыллаахха “ Коммуна” холкуостан Үлэ ударнигын аатын ылбыт. Оҕолорун батыһыннара сылдьан харах оҥос-торо. Ас-таҥас кэмчи буолан, саас куйуурдаан кыра да буоллар, балыктаан эбинэллэрэ.   Эһэбит 1945 сыллаахха сэрииттэн кэлбитэ. Оҕолорун үөрэттэрэн, ыал оҥортоон, сиэн көрсөн күүс-көмө буолбуттара. Сэрии ветерана эһэбит уонна тыыл ветерана эбэбит кырдьар саастарыгар улахан кыыстарыгар Елена Васильевнаҕа көрүллүбүттэрэ.  Кинилэргэ анаан дьиэлэрин таһыгар кыра дьиэ тутан биэрбиттэрэ.   Эбэбит 1986 с. өлбүтэ.    

Сиэнэ Н.В.Пахомова ахтыыта.

Место рождения: Мегино-Кангаласский район, с. Бютейдях
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ