В тылу ковали Победу

 
 

Варвара Гаврильевна Лоомтука бөһүөлэгин тула олорбут халыҥ аймах Дьооҕур аҕатын ууһун Яковлевтарыттан (Боочооннортон) төрүттээх. Кини 1931 с. Никифоров Давыд Иннокентьевичтыын холбоһон, II Наахара нэһилиэгэр олохсуй-буттара. Иккиэн хомсомуол актыбыыстара эбиттэр. Ол саҕана Балбаара аан бастаан баттаҕын кырыммыт, хара дьууппа, хобулуктаах бачыыҥка кэппит. Давыд Иннокентьевич холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, Балбаара ыанньыксыттаабыт.                                                                            1942 сыллаахха аҕалара аармыйаҕа барбыт. Ити сыл Сталинград (Волгоград) кыргыһыытыгар уоттаах сэриигэ өлбүт.  Түөрт оҕо ийэлэрин дьарамай санныгар хаалбы-тар. Улахан уола Василий 10 саастаах эбит. Сэрии уот- кураан сылларыгар фермаҕа от-мас тиэйиитэ, от-бурдук оҕустарыыта барыта дьахтар үлэтэ этэ. Варвара Гаврильевна ханнык да үлэттэн чаҕыйбат хоһуун үлэһит этэ. Эр киһи үлэтин барытын кыайар туруу үлэһит буолбута. Хорсун дьахтар буолан Ааллаах Үүн бириискэлэригэр элбэх атынан холхуоһун дьонун кытта сылдьыбыта. 1947 сыллаахтан партиялаах буолан, салалта ханна  үлэ кыайтарбатах буолла да, онно ыытан иһэллэрэ. Онно ситиһиилээхтик үлэлээн, элбэх наҕараадалардаах, грамоталардаах. Саамай улахан наҕараадата дьоно-сэргэтэ “Баартыйалаах Балбаара” диэн ааттаабыттара буолар. Түөрт сиэннээх, элбэх хос-хос сиэннэрдээх.Үлэ ударнига, стахановец.

Сиэнэ Н.В.Пахомова ахтыыта.

 

 

Место рождения: Мегино-Кангаласский район, с. Ломтука
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ