В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 26.08.1933 − 17.11.2012

НИКОЛАЕВ ДМИТРИЙ СЕМЁНОВИЧ

(26.08.1933 − 17.11.2012)

Николаев Дмитрий Семёнович Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бастакы Наахара Тиэлиги нэһилиэгэр, Хомпу үрэх куулатыгар Дьигди диэн сайылыкка атырдьах ыйын бүтүүтэ төрөөбүт. Түөрт ини-биилэр Игнатий Васильевич-Кынаачай, Иван Васильевич-Көлөкөөн Уйбаан, Семен Васильевич-Тоскуой Уус Сэмэн, Григорий Васильевич-Туллаарыс Киргиэлэй Николаевтартан хаан тардыылаах буолар. Аҕата көмүс хостуур бириискэлэргэ тимиринэн уһанар эбит, ол кэмнэргэ ытык киһи Аллан Ааныскаҕа олорон үлэлээбит. Кэлин дойдутугар төннүбүт.

Миитээ аҕата Тоскуой Уус Сэмэн, ийэтэ Мария Дмитриевна эбиттэр. Үс кыыс, икки уол оҕоломмуттар. Аҕата Тоскуой Уус Сэмэн 1939 с. муҥурдааҕынан ыалдьан, биэс оҕотун ийэлэригэр хаалларан, эрдэ олохтон туораабыт. Миитээ арыый обургу кэмигэр эдьиийигэр Марияҕа олорон улааппыт. Сут-кураан, сэрии сылларыгар Үлэ Кыһыл Знамята орденнаах “Кыһыл трактор”, кэлин “Ленин” аатынан колхуостарга үлэлиир, ол быыһыгар үөрэнэр. Оройуоҥҥа Леспромхоз колхуостарга былаан түһэрэн, борохуоттары отторго мас бэлэмниир үлэҕэ Ороссолуодаҕа субуруччу хас эмэ сыл устата ананан, аты кыайа тутар, көрөр-харайар буолан, уустук үлэни тулуйан, ирдэбил олус кытаанах кэмигэр үлэлиир.

Ити барыта Аҕа дойду сэриитин ыар содула, үлэһит илии тиийбэтэ, аччык туруктаах сылдьан үлэлиир үүнэн эрэр оҕолорго уустук да буоллар, эттэригэр-хааннарыгар иҥэн хаалан, кыайбаттара-сатаабаттара суох этэ. Үлэҕэ чиэһинэй, суобастаах буолуу курдук хаачыстыбаҕа, дьоҥҥо сыһыан үтүө, сайаҕас буолуохтааҕын, киһи үлэлиирин тухары мэлдьи үөрэниэхтээҕин, олоххо киһи көрүүтэ мэлдьитин сайдыахтааҕын үрдүктүк тутарга үөрэммитэ.

Дмитрий Семёнович кэлин Холгуматтан Елена Петровна Романова диэн кыыһы кэргэн ылан, 1953 с. холбоспуттара, үс оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн, плановик идэтин баһылаан өр кэмҥэ үлэлиир, “Эргиэн эйгэтигэр бочуоттаах үлэһит” аатын сүгэр. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Дьаҥхаады нэһилиэгэр 40-чэ сыл устата олохсуйан олороллор, олохтоох дьаһалта Сэбиэтигэр депутатынан талыллар, оскуолаҕа өр кэмҥэ төрөппүт комитетын салайар, нэһилиэк общественнай үлэтигэр кыттар, дьоҥҥо холобур буолар биир бастыҥ активист этэ.

 Суруйда улахан хос сиэнэ Кэрэкуо Борисова, Дьокуускай к., 17.05.2020.

Место рождения: Бастакы Наахара Тиэлиги нэһилиэгэ Мэҥэ-Хаҥалас оройуона
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ