Антонова Анисия Ивановна – Тыла Суох, 1900 сыллаахха Марха улууһун Таркаайы нэһилиэгэр төрөөбүт. Партията, үөрэ5э суох. 1936 сыллаахха «Коллективист» колхозка үлэлии киирбит.
Сэрии саҕана, кэннигэр оҕуруот биригээдэтин чилиэнэ. Хортуоппуйу, турнепсы, хаппыыстаны үүннэрэн, холкуостаахтары аччыктааһынтан, хоргуйууттан быыһаабыт өҥөлөөх.
Үс оҕотунаан бары тэҥҥэ колхозка күүстэрэ баарынан үлэлээбиттэрэ. Сэрии кэннинээҕи сылларга салгыы оҕуруокка уонна хонуу араас үлэтигэр үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта.