В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1922-1997

Охлопкова Надежда Семеновна, (1922-1997)

1922 сыл кулун тутар 15 күнүгэр II Байаҕантай нэһилиэгигэр төрөөбүтэ. Танда ситэтэ суох оскуолатын 1941 с. бүтэрэн баран колхозка үлэтин саҕалаабыта. Сэрии сылларыгар кыһынын таһаҕас таһыытыгар, сайынын от хомууругар сылдьыбыта, пиэрмэ сэбиэдиссэйэ  уонна кладовщих этэ. Кэлин промкомбинатка кассирынан, 1955-1974 сс. Танда учаастагын балыыһатыгар завхоһунан үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. “Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэ бэтэрээнэ”, “Ийэ Албан аата” мэтээллэрдээх.

Кэргэнинээн, сэрии бэтэрээнэ Охлопков Михаил Николаевичтыын 50 сыл бииргэ дьоллоохтук олорбуттара. 8 оҕону иитэн үөрэхтээн үлэһит дьон оҥорбуттара. Кинилэр олохторун билигин 26 сиэн, 20-чэ хос сиэн салгыыллар.

Боевые награды: “Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэ ветерана”, “Ийэ албан аата”
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ