Максимова Марфа Петровна
- Годы жизни: 14.09.1917-1992
Ольга Петровна үһүс оҕото Марфа Петровна балаҕан ыйын 14 күнүгэр 1917 сыллаахха Лээги нэһилиэгэр холкуостаах бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1944 с. Михаил Петрович Григорьевка-Сахаар Мэхээлэ, икки оҕолоох огдообо киһиэхэ кэргэн тахсан биир уол оҕоломмута. 3 сыл бииргэ олорбуттарын кэннэ, кэргэнэ Михаил Петрович бултаан баран сыыстаран, тымныйан өлөн хаалар.
Марфа Петровна 11 сааһыттан холхуос араас үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук мас кэрдэн, болуотунан уһааран, Амма промкомбинатыгар киллэрэллэрэ. Өр сылларга ыанньыксыттаабыта, ыраах-чугас үрэхтэринэн эр киһи, дьахтар үлэтин барытын толороро. Сыралаах үлэтин иһин « Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1953 с. «Сырдык Сулус “ холхуос олохтооҕор Кузьмин Петр Терентьевичка кэргэн тахсан уоллаах кыыс оҕолоноллор.
Оҕолоро:
Григорьев Егор Михайлович, (26.06.1945-15.03.2020). Үрдүк үөрэхтээх математика учуутала. Кэргэнэ Мария Семеновна Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна. Үс оҕолоохтор, 7 сиэннээхтэр.
Кузьмин Петр Петрович, 29.11.1956, Хабаровскайдаа5ы пединституту бүтэриэ5иттэн Ньурба5а олохсуйбуттара. Билигин Ньурба №2 орто оскуола директорынан үлэлиир. Республика үөрэҕириитин туйгуна. Кэргэнэ Елена Егоровна Ньурба лицейыгар математика учууталынан үлэлиир. 4 оҕолоохтор (2 уол, 2 кыыс), 3 сиэннээхтэр.
Окорокова Александра Петровна, 21.01.1958, Александра Петровна Болугур олохтооҕо, Улан-Удэтааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, бухгалтер идэтин баһылаан, өр сылларга пенсияҕа тахсыар диэри Болугур СХПК кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. Бастыҥ финансист 2004 с. Кэргэнэ Леонид Афанасьевич, механизатор, өр кэмҥэ Болугур сопхуоска үлэлээтэ. 3 кыыс оҕолордоохтор, 8 сиэннээхтэр.
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY