В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1889-1962

Сэмэн Андреев - саха саарына, хоhууна этэ

Уруккута Тоҥуо Кууну нэhилиэгэ, Свердлов аатынан холкуос киинэ, кэрэ кɵстүүлээх Кууну күɵлүн уонна кɵнɵ ньуурдаах Бэрэ алаас икки ардыларыгар, кинилэр килбэйэр саалларыгар олохсуйбута. Тарыҥ, Хаарыылаах, Сайылык, Иччилээх, Уксакаан, Сыралта, Кээнэкээн, Хочой, Хара Уулаах, Кустаах, Арыылаах түɵлбэлэригэр араас кэмҥэ бар дьон тоҕуоруhан олорон от бɵҕɵнү оттоон, хара тыатыттан бултаан-алтаан, күɵллэриттэн кɵмүс хатырыктааҕы соhон-сыhан  ХХ үйэ ортотугар диэри оҕо-уруу тɵрɵтɵн эйэ-дэмнээхтик олорбут түɵлбэлэрэ этэ.

Итинник киэҥ алаастартан биирдэстэригэр Семен Семенович Андреев 1889 сыллаахха тɵрɵɵбүтэ, улаатан истэҕинэ Бүɵчээлиир диэн таптал ааты иҥэрбиттэр. Семен Семенович ɵр сылларга Свердлов аатынан холхуоска председателинэн үлэлээбит, сэрии саҕана председателлэргэ бронь биэрэн, армияҕа ыыппаттара.

Онтон 1953 с. ССКП КК балаҕан ыйынааҕы историческай Пленумун уурааҕынан нэhилиэктэри, холхуостары бɵдɵҥсүтүү саҕаламмыта. Тоҥуо Кууну нэhилиэгэ Арыылаах-Кустаах ɵттɵ Ɵргүɵккэ, Кууну түɵлбэтэ Кэнтик нэhилиэгэр холбоспуттара.

Сэмэн Андреев салайбыт Свердлов аатынан холхуос сэрии саҕанааҕы уонна кэннинээҕи улахан, уhун уот кураан дьылларыгар Ньурба оройуонун холхуостарыгар отунан, оттуур ходуhанан улахан кɵмɵнү оҥорбут. Оҥкучах, Сарыла үрэхтэригэр Ньурбаттан сүɵhү үүрэн кэлэн оттообуттар, кыстаабыттар. Ол эрэн совхозтар саҕана Ньурбалар Сарыланы биhиги сирбит диэн былдьаhаллара.

Ол саҕана Свердлов аатынан холхуос салайааччылара ɵйдɵɵхтүк-сиэрдээхтик быhааран, бырабыыталыстыба мунньаҕын уурааҕынан Ньурбаларга Сарыланы оттуурга сылынан болдьохтоон арендаҕа биэрбит боротокуоллара Дьокуускай киин архыыбыттан кɵстүбүтэ. Онон Министрдэр Сэбиэттэригэр дакаастабыл докумуон булан, билигин кыраныысса Сарыла хайатын саалынан быhыллыбыта.

Сут-кураан сылларга Yɵhээ Бүлүү холхуостара Ньурба оройуонун дьонугар-сэргэтигэр сир,от биэрэн, сүɵhүлэрэ эстиитин-быстыытын ɵрүhүйбүт умнуллубат үтүɵлээхтэр»,- диэн улуус баhылыгынан үлэлээбит Варвара Андреевна Петрова кэллэҕин аайы ахтара, махтанара.

Сэмэн Андреев «Ворошилов» холхуоска холбоhоот, сылгы ферматын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Оччолорго сылгыhыттар Куунуннан,Тарыҥынан, Сайылыгынан, Сарыланан, Тоҥуо тɵрдүнэн уо.д.а. сирдэргэ кыhын сылгыларын хастараллара, аhаталлара, саас былахтаан сиэтэллэрэ. Онон сылгы барыстаах салаа буоларын ситиhэллэрэ. Кини кэлин кырдьан баран, от-мас үлэтигэр биир күн ɵрɵɵбɵккɵ  үлэлээбитэ.

 Сэмэн 1961 сыллаахха сайын оройуоҥҥа ыҥырыы таhааран 40 га сири охсорго эбэhээтилистибэ ылыммыта уонна хас күн аайы дьаныардаах үлэлээн  94 га сири охсон ыҥырыытын икки бүк чиэстээхтик толорбута.

Түɵрт ый сытан куртаҕынан ыалдьан Сэмэн 1962 сыл от ыйын 25 күнүгэр күн сириттэн 73 сааhыгар туораабыта. Кини сүдү кыайыылаах-хотуулаах саха саарына, хоhууна киhи этэ.

          Ахтыыны суруйбута Афанасий Петрович Акимов.   

От ыйа 2006 сыл

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ