Надежда Федотовна (Неустроева) Варламова 1932 сыллаахха тохсунньу 14 кунугэр Таатта улууьун Уус - Таатта беЬуелэгэр тереебутэ. Кыра эрдэхтэринэ тулаайах хаалан балтынаан о5о дьиэтигэр олорбуттара. Сэрии кэмигэр уончалаах кыыс буолан улахан дьону кытта тэннэ колхоз улэтигэр умса туспутэ. Саас бурдук ыЬыытыгар, сайынын ынах ыы ыы от улэтигэр кемелеЬен, кыЬынын хотонно ньирэй керееччунэн улэлээбитэ. Сэрии ыар сылларыгар аччыктыыр, тонор диэн тугун билбитэ. Тулаайах буолан уерэммэтэ5э, балтын уерэттэрээри колхозка улэлээбитэ. Кини ньирэйдэрин 100 бырыьыан тыыннаах таЬааран дьон хай5абылын ылбыта. Ньирэйдэрин о5олорун курдук керере. Сэрии ыар сылын куЬа5ан туул курдук кэпсиирэ, о5олорум эрэ дьоллоохтук олордуннар диэн ба5а санаалаа5а. 1958 сыллаахха Алексей Константинович Варламовтыын ыал буолан 6 о5ону теретен, иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. Уус - Амма нэЬилиэгэр, Таатта улууЬугар олохсуйбуттара.