В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1922 г

Мин ийэм, Мария Ивановна Тролукова, тыыл, үлэ ветерана, сэрии огдообото. Ийэм Курбуһах Моххотугар, элбэх оҕолоох Ховровтар дьиэ кэргэнигэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Икки сааһын туолуута аҕатын бииргэ төрөөбүт быраатыгар Уйбаан Ховровка иитиэх биэрбиттэр. 18 сааһын туолбутун кэннэ, Нэлим олохтоо5ор Андросов Михаилга кэргэн тахсар. Саҥа ыал сыл курдук олорбуттарын кэннэ, алдьархайдаах, алдьатыылаах А5а дойду сэриитэ өрө турбута. Чуумпу олохторо биирдэ атыйахтаах уу курдук өрө ытыллыбыта. Эр дьон үксэ сэриигэ барбыттара. Хаалбыттара кырдьа5ас о5онньоттор, эмээхситтэр, дьахталлар уонна оҕолор. Кинилэр колхоз төһүү үлэһиттэрэ буолбуттара.
Биһиги ийэбит, син атыттар курдук күүстээх үлэ үөһүгэр буолбута. Ол курдук сайынын оттуура, ынах ыыра, мас мастыыра, кыьынын мас-от тиэйэрэ, кладовщиктыыра. Кэргэнэ баран иһэн ис тиибигэр ыалдьан өлбүтүн туһунан «хара» сурук кэлэр. Аны силигин ситэрэн уот кураан, сут буолар. Манна хам аччык дьон колхозтарын сүөһүтүн өлөрүмээри күнүстэри-түүннэри өрө мөхсөллөр. Колхозтара кыра эмэ сиэмэ, үүт биэрдэҕинэ, онон тыыннарын уһатан уу суударай бутугас оҥостон иһэллэрэ. Харалара суох буолан, мунхалаан сордоноллоро. Онно биирдэ эмэ муҥхаларыгар балык кэллэ5инэ, кинилэр са5а дьоллоох дьон суо5ун курдук буола түһэллэрэ, сорох күн мэлийдэхтэринэ аһаабакка аччык хоноллоро. Алдьархайдаах сэрии ааһан, дьоннор төннүтэлээн, олох чөлүгэр түһэн барбыта. Ийэбит иккистээн Тролуков Василий Акимовичка кэргэн тахсан Чараҥҥа көһөн киирбиттэрэ. Аҕабыт кладовщигынан, онтон ийэбит ферма5а ньирэй көрөөччүнэн, ыанньыксытынан, үүт астааччынан үлэлээбитэ. Сайын үүт астыы сылдьан, булууска бөтүөннээх сүөгэйи киллэрэн иһэн, халтарыйан, бөтүөн төбөтүгэр түһэн, онтон ыла үлэлээбэтэ5э. Билигин 97 сааһын туолан дьиэ иһигэр хос хос сиэнин көрөр. 5 оҕо амарах ийэтэ, үгүс сиэннээх, хос сиэннэрдээх, хос хос сиэннэрдээх.
Ахтыыны оҥордо кыыһа Тамара Сергучева (Тролукова)

Место рождения: с Курбусах, Усть - Алданского улуса
Боевые награды: "За доблестный труд 1941-1945гг", медаль "Маршал Жуков"
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ