Көтүү кэмигэр араас самолет саахаллара тахсаллара. Оннук түбэлтэҕэ олохтоохтор улахан көмө буолаллара . Ол курдук , Уус-Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгэр Балаҕаннаах диэн сайылыкка самолет саахалланан кэлэн түспүт , көмө көрдөөбүттэр. Суол-иис суох буолан , олохтоох ууска Бочкарев Андрей Ивановичка-Уус Өндөрөйгө көрдөрөргө быһаарбыттар. Уус Өндөрөй самолет иһигэр киирэн алдьаммыт тэрилин көрөн , өрбөххө суулаан уһанар дьиэтигэр илдьэ барбыт. Тохтоло суох үлэлээн, сарсыарда уһанан бүтэн, самолет чааһын олордон биэрбит. Самолеттара собуоттанан бары үөрбүттэр-көппүттэр. Лүөччүктэр махтанан Уус Өндөрөй аатын-суолун суруммуттар. Бу кэнниттэн Андрей Ивановиһы оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо үлэҕэ ыҥыран ылбыттар. Кэргэнэ эрдэ өлөн, оҕолорун (Иван,Семен, Анна, Василий аймахтарыгар Петуховтарга иитиллибитэ) илдьэ МТС-ка, промкомбинатка өр сылларга үлэлээбит. Билигин кини дьонуттан биһиги улууспутугар Бороҕоҥҥо, Курбуһахха сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бааллар.
Ити курдук, саха уустара омук да техникатын өрөмүөннээбиттэр эбит. Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт.
"Аляска-Сибирь" самолет көтөр трассата үлэтин 1946 сыл саҥатыгар тохтоппута. Бу трасса Саха сиригэр авиация сайдыытыгар улахан оруоллаах .
Бочкарев Айсен, 11 кылаас, "Мүрүтээҕи"Уолан" гимназия, Уус-Алдан улууһа, Бороҕон
Салайааччы: Бочкарева Г.С., үлэ бэтэрээнэ
От ыйа, 2020 с.