Бүгүн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр, Кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон көҕүлээһиннэрин өйүүр биир кэлим ресурснай киин «аһаҕас түһүлгэтигэр» дьоһун кэпсэтии буолла. Былаас бэрэстэбиитэллэрэ гражданскай уопсастыба көхтөөх дьонун – Саха сирин бөдөҥ уопсастыбаннай тэрилтэлэрин салайааччыларын, кытта буолаары турар тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии былаанын ырытар, маны тэҥэ нэһилиэнньэ бары араҥатын хабарга сонун ньымалы тобулар сыаллаах тэрээһини ыытта.
Санатар эбит буоллахха, 2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕа өссө 2014 сыллаахха тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата былааннаах үлэни ыытар. Аҥаардас тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, бэдэрээссийэ уонна эригийиэн үбүлээһинигэр олоҕуран, араас тутуулары ыытыы, суолу-ииһи оҥоруу, олорор сир усулуобуйатын тупсарыы курдук дьаһаллары ылыммыттар.
СӨ тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Татьяна Пяткина иһитиннэрбитинэн, бу хайысхаҕа ыытыллар үлэни, былааны уонна сонун көҕүлээһиннэри билиһиннэрэр сыалтан туспа сайт https://100yakutia.ru/ru/ үлэтин саҕалаабыт. Үбүлүөйдээх сылы дьоһуннаахтык бэлиэтииргэ анал кэнсиэпсийэ оҥоһуллубут. Докумуон ис хоһоонугар киһи хараҕа ордук «биэс сүрүн сорукка» быраҕыллар. Ол курдук, 2022 сылга: сырьену оҥорор эйгэттэн ураты хайысхаларга 10 тыһ. саҥа үлэ миэстэтин таһаарыы; өрөспүүбүлүкэбитигэр экэниэмикэ сайдыытын аан дойду көрдөрүүтүн баһыйар гына тэтимирдии; аан дойду бастыҥ үөрэҕин тэрилтэлэригэр Саха сирин 100 талааннаах ыччатын үөрэттэрии; нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар 100 уопсастыбаннай көҕүлээһини олоххо киллэрии; социальнай эйгэҕэ 100 объегы тутуу.
«100 сыллаах үбүлүөйү көрсө ыытыллар тэрээһиннэр былааннара 6 хайысхалаах, 54 пууннаах. Хас биирдии улуус уонна нэһилиэк дьаһалтата туспа былааннаах. Бу үлэни сүрүннүүр, тэрийэр сорук «Якутия» конгресс кииҥҥэ сүктэрилиннэ», – диэн кэпсиир миниистири солбуйааччы Татьяна Николаевна.
Сүрүн тэрээhиннэри таhынан сэргэх дьаhаллар эмиэ былааннаммыттар. Холобур, «Саха сирин историята» кинигэни кумааҕынан уонна электроннай көрүҥүнэн таhаарыы, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын кэлимсэ көрдөрөр киинэлэри, сюжеттары уонна роликтара устуу, 3 солкуобайдаах үрүҥ көмүс манньыаты оҥоруу, үбүлүөйдээх сылы көрсө баан пластиковай каарталарын бэлэмнээhин уо.д.а.
СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Степан Саргыдаев дьон көҕүлээhиннэрин, бырайыактарын өйүүргэ Ил Дархан граннара олохтоммуттарын, сылын ахсын өйөбүл суумата үрдүүрүн туhунан эттэ. Маны сэргэ Саха сирин НКО-ларын бырайыактара бэдэрээссийэ таhымыгар ситиhиилээхтик кытталларын ахтан ааста. Холобур, аҕыйах хонуктааҕыта түмүктэммит култуура, искусство уонна айар (креативнай) эйгэ бырайыактарын өйүүр бэрэсидьиэн граннарын маҥнайгы куонкуруһугар Саха сириттэн уопсайа 33 бырайыак кыайыылаах тахсан, 34 мөл. тахса суумалаах көмөнү ылыахтаах.
Салгыы Степан Анатольевич «Саха АССР 100 сылын көрсө 100 бастыҥ уопсастыбаннай көҕүлээһин» диэн бырайыак түмүктэрин билиhиннэрдэ. 2017-2021 сылларга куоластааhын нөҥүө социальнай эйгэҕэ анаммыт бастыҥ бырайыактары талбыттар. Оҕо былаhааккаларын, памаатынньыктары уонна искибиэрдэри оҥоруу, экология уонна благоустройство хайысхатыгар араас акциялары тэрийии, кыамматтарга, кырдьаҕастарга уонна доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө, чөл олох, култуура уонна үөрэх эйгэтигэр араас тэрээһиннэри ыытыы о.д.а. киирбиттэр.
«Үтүө дьаhаллар, көҕүлээччилэр кимнээх буолалларын туһунан суруйуулар, үлэ хаамыытын билиһиннэрэр хаартыскалар уонна дьон махтал тыллара, санаалара түмүллэн, бэртээхэй кинигэ буолан үйэтиллиэ. Кинигэ бастакы таһаарыытын сэтинньи ый саҥатыгар Дьокуускайга ыытыллар Уһук Илик уокурук дьахталларын форумун кыттыылаахтарыгар бэлэх уунуохпут», – диэн миниистир үөрүүлээх сонунун кэпсээтэ.
Үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрин дьоһуннаахтык уонна далааһыннаахтык ыытыыга балайда үп эрэйиллэр. Маныаха СӨ «Үүнэр көлүөнэ» тус сыаллаах фондатыгар анал счет арыллыбыт. Харчы киириитин уонна бу хайысхаҕа туох үлэ ыытылларын туһунан фонда генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Наталья Оленева быһа сибээскэ тахсан билиһиннэрдэ.
Кини этэринэн, счет 2018-2019 сыллардаахтан үлэлээбит. Ол эрэн коронавирус дьаҥа туран, онтон бу сайын ойуур баһаардара эмискэ күөдьүйэннэр харчы хомуллуутугар кэннэ уустуктар үөскээбиттэр. Бөдөҥ тэрилтэлэр үптэрин бу хайысхаларга тус сыаллаан тыырбыттар. Харчы ыытыахтаах сорох тэрилтэлэр аккаастаан кэбиспиттэр. Дьиҥэр, фондаҕа ким баҕалаах бэйэтин көмөтүн ыытыан син эбит. «Биирдиилээн да дьон 100, 500 солк. ыытар түгэннэрэ бааллар», – диэн бэлиэтиир Наталья Исаковна.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 5 мөл.кэриҥэ үп түмүллүбүт. Билигин Газпромбааны кытта кэпсэтиилэр ыытылла тураллар эбит. Бу дьон 100 сыллаах үбүлүөй фондатыгар 10-ча мөл.ыытар санаалаахтар.
Кыттааччыларга туһаайан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников санаатын эттэ. Кини тэрийэр хамыыһыйаны сүрүннүүр буолан былааннанар үлэни, бырабыыталыстыба таһымыгар ылыллар дьаһаллары ырытан, толкуйдаан баран, кэпсэтиигэ маннык этиилээх кэлбит. Бастатан туран, бүгүҥү күҥҥэ бэдэрээссийэ, өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар таһымнарыгар былааннар оҥоһуллан, бигэргэтиллэн тураллар. Бөдөҥ хампаанньалар, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр бэйэлэрин истэригэр эмиэ былаан ылыналлара, үтүө хамсааһыҥҥа кыттыһаллара ирдэнэр. Бу хайысхаларга күннэтэ үлэ ыытыллар эбит. Онтон уопсастыба бэйэтэ, ордук уопсастыбаннай тэрилтэлэр харах далыгар киирэ иликтэрин бэлиэтээтэ. Сергей Васильевич кинилэри кытта анаан-минээн кэпсэтиилэр ыытыллаллара наадатын, сэргэх этиилэрин, сонун көҕүлээһиннэрин былаас өттүттэн өйүүр санаалаахтарын биллэрдэ.
Иккиһинэн, Москубаҕа олорон «маннык дьаһаныҥ, итинник гыныҥ» диэн ким да эппэтин, Сахабыт сирин сайдыытыгар истиҥник кыһанар дьон аҕыйаҕын бэлиэтээтэ. Онуоха өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо норуот барҕалыырыгар ис иһиттэн кыһалларыгар, сайдыыбыт историятын билэргэ дьулуһарыгар, судаарыстыбаннас суолтатын өйдөөн сыаналыырыгар бэйэбит турунуохтаахпыт диэтэ.
«Билигин таһырдьа тахсан ыччаттартан эһиил, 2022 сылга, Сахабыт сирин туох улахан тэрээһин, бэлиэ даата күүтэрий диэн ыйыттахха, үгүстэр мунаахсыйыахтара. Ким эрэ ыһыах диэ, спорт тэрээһинин ааттыа», – диэтэ Сергей Местников.
Үсүһүнэн, баар үлэбитин, оҥоруохтаахпытын барытын 100 сыллаах үбүлүөй тэрээһинигэр иэҕэрбит сыыһатын өйдүөхтээхпит диэтэ. Ол аата бэлиэ даата норуоппут дьылҕатыгар суолтатын, уратытын билиһиннэрэр, ситиһиилэрбитин, сайдар саҕахтарбытын инники күөҥҥэ тутан, чопчу тэрээһиннэри былаанныахтаахпыт уонна ыытыахтаахпыт.
Кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон көҕүлээһиннэрин өйүүр биир кэлим ресурснай киин салайааччыта Ольга Вешникова уопсастыбаннай тэрилтэлэр сайдыыны көҕүлүүр сүрүн күүс буолаллар диэн эттэ. Холобур быһыытынан, Сахабыт сиригэр 1 600 түөлбэ үлэлиирин, «Добро.рф» саайтка 10 тыһ.тахса киһи волонтер быһыытынан регистрацияланан, араас уопсастыбаннай үлэҕэ кыттыһарга бэлэмин ааттаата.
Ресурснай киин грант ылан, икки сыллааҕыта «СӨ гражданскай көҕүлээһиннэрин каартата» диэн платформа оҥорбутун билиһиннэрдэ. Билигин бу каартаҕа 206 бырайыак регистрацияламмыт. Кинилэр бу платформа нөҥүө бырайыактарын билиһиннэрэр эрэ буолбакка, атын ааптардары кытта билсэр кыахтаахтар, көмөҕө наадыйалларын биллэриэхтэрин эбэтэр атын дьоҥҥо көмөлөһөр кыахтаахтарын туһунан кэпсиэхтэрин сөп эбит. Ону таһынан сэргэх идиэйэҕэ, дьоһун бырайыакка харчы да хомуйуутун көҕүлүөххэ син.
Салгыы кэпсэтии «аһаҕас түһүлгэтин» кыттыылаахтара хамаанданан сэргэстэһэ олорон, араас этиилэрин, сонун көҕүлээһиннэрин илиискэ суруйан дуоскаҕа ыйаатылар. Ол кэннэ кэрийэ сылдьан көрдүлэр, үөрэттилэр, ырыттылар, онтон сэргээбит этиилэригэр фишка сыһыаран куоластаатылар. Түмүккэ үгүс болҕомтону ылбыт сэргэх этиилэри ааҕан иһитиннэрдилэр. Тэрийээччилэр киирбит бары этиилэри сэргээтилэр. Өссө биирдэ сыныйан үөрэтэн, чочуйан баран, боротокуолга киллэрэн, бырабыыталыстыбаҕа ыытыах буоллулар.
Көрсүһүү кэннэ уопсастыбанньыктар хайдах эрэ сэргэхсийбит, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт курдук буолла. Баҕар билигин хааччахтааһын кэмигэр тыыннаах көрсүһүү аҕыйаҕыттан эбитэ дуу, биитэр былаас суолта биэрэн, дьон толкуйун, үлэтин-хамнаһын билсибититтэн эбитэ дуу? Чэ, ол эрэн ханныгын да иһин, норуот толкуйдуу сылдьар хайысхатыгар, иитиэхтии сылдьар санаатын былаас таба тайанара, үтүө санаа күөдьүйэригэр, олоххо ыпсарыгар дьоһун хардыы.
Геннадий Охлопков