Улуу Кыайыыны уһансыбыт күндү аҕам
Мин аҕам, Охлопков Иван Петрович, 1923 сыл тохсунньу 6 күнүгэр Уус-Алдан улууһун 1 Лөгөй нэһилиэгин “Улахан Мохулу” алааһыгар Ивановтар диэн дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтэ. Аҕата Иванов Егор Ефремович, ийэтэ Охлопкова Анна Федотовна диэн этилэр. “ Оҕо турбат ыала” буолан, дьонноро аҕабын, саҥа төрөөбүт оҕону, хотон түннүгүнэн күрэтэн, ийэтин бииргэ төрөөбүт убайыгар Охлопков Петр Федотовичка ииттэрэ биэрбиттэр. Аҕам, таайыгар иитиллэн, 19 оҕоттон соҕотох тыыннаах хаалар дьолго...
Создано: 02.06.20