Стрекаловская Матрена Федотовна
- Годы жизни: 1890 -1963
Сырдык аата умнуллубатын
Биһиги эбэбит Стрекаловская Матрена Федотовна 1890 сыллаахха Дүпсүн улууһун Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини аҕата - Федот Васильевич Стрекаловскай, 300 сүөһүлээх Баай Баһылай уола. Василий Андреевич Стрекаловскай бииргэ төрөөбүт бырааттарынаан Сергей Андреевич, Гаврил Андреевич Түүлээх нэһилиэгэр сэттэ уонча сыл кинээстээбиттэрэ (старосталаабыттара). Ийэтэ - Анна Петровна Попова Дүпсүн улууһун кулубатынан үлэлээбит Василий Петрович, Владимир Петрович Поповтар бииргэ төрөөбүт балтылара. Эбэбит бииргэ төрөөбүт алтыа эбиттэр.
Матрена Федотовна сүүрбэ сааһыгар, дьадаҥы, ырааҕынан аймаҕа диэн төрөппүттэрэ сөбүлээбэтэхтэрин үрдүнэн, сөбүлүүр киһитигэр Стрекаловскай Николай Алексеевичка кэргэн тахсыбыт. Кинилэр Хорбут диэн Хаттыгы эбэ кутуругар турар сиргэ дьиэ-уот тэринэн олохсуйбуттар. Эбэбит барыта 10 оҕоломмут. Биир уол кыра сааһыгар ыалдьан өлбүт. Эбэлээх эһэбит тоҕус оҕону (Александра, Анна, Марфа, Василий, Николай, Алексей, Мария, Егор, Матрена) иитэн, үөрэттэрэн сүһүөхтэригэр туруорбуттара. Бары сырдык хааннаах толуу, кыраһыабай дьон этилэр. Эһэбит Николай Алексеевич - байанайдаах булчут, ыраах Алдан өрүс уҥуор Дьааҥы хайаларын диэки бултуура. Кини стахановец булчут, И.В.Сталинтан Махтал суруктаах этэ. Эһэбитин турбут-олорбут, сытыы-хотуу киһи дииллэрэ. Атынан куоракка киирэн атыылаһан тахсар эбит. Бу бэйэтэ 200 километрдаах сир. Кэлин колхоз тэриллибитин кэннэ кадровай булчутунан сылдьыбыт. Эбэбит Матрена Федотовна сүрдээх дьаһаллаах, асчыт-үөлдьүт, түргэн туттунуулаах буолан, эһэбит бултуур кэмигэр сүөһүтүн-аһын бэйэтэ дьаһанар эбит. Бу курдук олордохторуна, 1941 сыллаахха А5а дойду сэриитэ саҕаламмыта. Оҕолоро улаатан, сорохторо туспа ыал буолан олороллоро. Уолаттар саастара ситэн «Хаттыгы» колхоз тутаах үлэһиттэрэ этилэр. Эбэбит барахсан уолаттара сэриигэ ыҥырыллан баралларын сүрэ5инэн сэрэйэрэ. Кини утуу-субуу үс оҕотун уоттаах сэриигэ атаарбыта.
1942 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр улахан уола Василий Николаевич Чурапчы военкоматынан армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини «Хаттыгы» колхозка биригэдьииринэн үлэлии сылдьара. Фроҥҥа бараары 18 №-дээх анал хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. Сэтинньи 15 күнүгэр 1942 сыллаахха ыалдьан, байыаннай комиссиянан сыыйыллан, дойдутугар төттөрү кэлбитэ. Кэлэн дьиэтигэр хоноот да «Хаттыгы», кэлин «Ситимнэһии» колхозтарга биригэдьииринэн, Герой Егоров аатынан колхозка оробуочайынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1941-1945 сыллаахха «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллээх, Коммунистическай үлэ ударнига, хас да юбилейнэй мэтээллэрдээх .
Иккис уола Николай Николаевич 1922 сыллаахха тереебүтэ. «Хаттыгы» колхуоска суоччуттуу сылдьан, 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр Чурапчы военкоматынан ыҥырыллан эмиэ сэриигэ барбыта. Каунас куораты босхолооһуҥҥа балаҕан ыйын 12 күнүгэр 1944 сыллаахха сэрии хонуутугар улаханнык бааһырбыта. Госпитальга сытан сырдык тыына быстыбыта. Рядовой Николай Стрекаловскай көмүс уҥуоҕа Литвага Вильнюс куораттан чугас Вилкавишкис мемориальнай комплекска братскай могилаҕа көмүллэ сытар.
Үһүс уол Алексей Николаевич 1927 сыллаахха төрөөбүтэ. 1945 сыллаахха оройуон суутугар сэкиритээринэн үлэлии олорон, армияҕа ыҥырыллыбыта. Сүүрбэ биирис саппаас артиллерийскай полкаҕа сулууспалаабыта. Онтон 190-с минометнай полкаҕа, 14-с механизированнай Хинганскай дивизия десантнай батальонугар Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. Ефрейтор Стрекаловскай А.Н. 1951 сыллаахха дойдутугар Уус-Алдаҥҥа эргиллэн кэлбитэ. «А5а дойду сэриитин II степеннээх» орденынан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэбиэт председателинэн, леснигинэн, охотоведынан, райстаатка инспекторынан үлэлээбитэ.
Ити үс төрөппүт уолаттарын сэргэ эбэбит бииргэ төрөөбүт соҕотох быраата Егор Федотович Стрекаловскай эмиэ сэриигэ аттаммыта. Кини 1907 сыллаахха төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр колхоһугар ревком председателинэн үлэлии сылдьан, Чурапчы военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Сэриигэ ылбыт бааһыттан алтынньы 1 күнүгэр 1943 сыллаахха Кировскай уобалас госпиталыгар өлбүтэ. Кини көмүс уҥуоҕа Просница станцияҕа братскай кылабыыһаҕа көмүллэн сытар.
Биһиги эбэбит Матрена Федотовна тоҕус оҕону төрөтөн, иитэн, дьон оҥорон, үс тапталлаах төрөппүт уолаттарын уонна бииргэ төрөөбүт соҕотох сурдьун Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ атаарбыта. Хомойуох иһин, орто уола Николай Николаевич, соҕотох сурдьа Егор Федотович 1941 - 1945 сс. уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ.
Эбэбит Матрена Федотовна барахсан сүрдээх уус тыллаах, кэпсээннээх буолара. Эдэригэр үчүгэй куоластаах олоҥхоһут этэ дииллэр. Улаханнык биллибэтэр даҕаны, бэйэтин түөлбэтигэр ыллыыр «Остуолба төрдүгэр төрөөбүт Оҕотоойу Бэргэн» олоҥхолоох этэ диэн истибит дьон кэпсииллэрэ. Билигин эбэлээх эһэбит Матрена Федотовна, Николай Алексеевич Стрекаловскайдар олохторун салҕаан элбэх ахсааннаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ норуот хаһаайыстыбатан араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Тоҕус оҕону, ол иһигэр үс хорсун буойуну ииппит эбэбит Матрена Федотовна Стрекаловская сырдык аата умнуллубатын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө холобур, өйдөбүл буола сырыттын.
Суруйдум Стрекаловская Евдокия Васильевна,
Матрена Федотовна сиэнэ, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Туулээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ ветерана.
- Место рождения: Дюпсюнский улус, Тюляхский наслег
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY