Дети войны

 
 
Годы жизни: 22.06.1936

Ушницкай Николай Михайлович. (1936 с.)

Николай Михайлович Ушницкай 1936 сыллаахха ыам ыйын 22 күнүгэр Кэлэдимэ Таастааҕар төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ Наталья Романовна Куличкина уонна Михаил Петрович Ушницкай. Кини «Сулус» колхозка бааллара. Кинилэр 13 оҕолоруттан 3 оҕо хаалан сэрии кэмигэр улааппыттара. Ньукулай убайын Болуодьаны уонна эдьиийин Настааны батыһан үлэҕэ хамнаска эриллэн оҕо сааһа ааспыта. Аҕата 1941с. үс оҕотун хаалларан фроҥҥа барбыта. Оҕолор ийэлэригэр, эһээлэригэр хаалбыттара. Эһээлэрэ Куличкин Роман Степанович колхозка үлэлиирэ. 1942с. аҕалара төбөтүгэр, илиитигэр, атаҕар бааһыран  төннөн кэлэр. Колхозка ферма сэбиэдиссэйинэн, биригэдьииринэн үлэлиир. Намҥа сүөһү кыстыгар көһөн олорууга сылдьыһар.

1948с. ийэлэрэ ыалдьан күн сириттэн күрэнэн тулаайах хаалаллар. Ньукулай сытыы баҕайы уол үнтү түһэн эчэйэн, ситэри үөрэммэтэҕэ. Ол эчэйии түмүгэр сааһын тухары соххор доҕолоҥ буолар. Өссө 1949 сыллаахха аҕата Маайаны кэргэн ылан ыал буолар уонна Эһэлээххэ олохсуйаллар.

1950с. куоракка абаҕатыгар Ушницкай Николай Семеновичка иитиигэ олорон 3-4 кылаастарга үөрэнэр. Манна олорон хаартыска бэчээттииргэ үөрэнэр.

1955с. төннөн тахсан «Ленин» колхозка ньирэй көрөөччүнэн үлэлиир. Онтон «Октябрь» колхозка сүөһү көрөөччүнэн. Көрдүгэҥҥэ, Намҥа көһө сылдьан сүөһү кыстыгар сэттэ сыл устата үлэлиир. 1960 с. ахсынньы 1 күнүнээҕи ньирэй көрөөччүлэр үлэлэрин түмүгүнэн "Ленинец" хаһыат Бочуот Дуоскатыгар тахсыбыта. Онно бу курдук сурулла сылдьар: 

Ленин аатынан колхозтан

  1. Ушницкай Николай Михайлович - 50 ньирэйи 100% тыыннаахтыы ииппит, ньирэй сууккаҕа эбиллиитин 432 гр. тиэрдибит.

  1962 с. кулун тутар 30 күнүнээҕи "Ленинец" хаһыакка " Николай - ньирэй көрөөччү" диэн М. Стрекаловскай ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ыстатыйаҕа Ньукулай таһаарыылаах үлэлээх ньирэй көрөөччү эрэ буолбакка, бастыҥ общественник, агитатор, нэһилиэк Сэбиэтин депутата буоларын туһунан туһунан ахтыллар. 

Сүөһү көрүүтүгэр үчүгэйдик үлэлээн үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэллэр. Стручков И.Я. кытта бииргэ субай сүөһүгэ бостууктууллар.

Ньукулай хайа да үлэҕэ сырыттар мындыр толкуйдаах буолан үлэни чэпчэтэргэ, түргэтэтэргэ кыһаллара. Техникаҕа чугаһаан бэйэтэ үөрэнэн дизелист-тракторист, сварщик  идэлэрин баһылаабыта.

1969с. "Беларусь" тракторга олорон ходуһаҕа ноһуому киллэриигэ, хаары типтэриигэ ананан үлэлээбитэ. Сайын окко охсор-мунньар массыыналары үлэлэтэр механизатор буолбута. Кыһынын от-мас тиэйиитигэр түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэрэ. Сүөһү аһылыга тиийбэт түгэннэрэ үөскээн атын оройуоннартан оту таһыыга сылдьыбыта.

Механизатор идэлэнэн тыа сирин үлэтигэр, төһө да атаҕар мөлтөх буоллар, дьонтон хаалсыбакка 1991с. пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Ханнык да үлэҕэ суһал хамсаныылаах, түргэн туттуулаах буолан хайҕалга сылдьара. Оччолордооҕу миэрэнэн харчынан бириэмийэ ылара. Кини хаһан да, ханнык да эрэйдээх түгэҥҥэ санаатын түһэрбэт, көрөн турбат идэлээх. Бара-кэлэ охсон, хайа да үлэни бүтэрбит-оҥорбут буолара. Пенсияҕа да тахсан баран сууланан сыппакка, бэйэтигэр сүөһү ииттэн, бултаан, муҥхаһыт буолан атаҕын үрдүгэр сылдьар. Хайа да суолга-иискэ, сиргэ-буорга хаайтарбакка, олоххо мунньуммут баай сатабылын туһанан, билигин да өрө мөхсө сылдьар ытык кырдьаҕаспыт буолар. Муҥха таҥан, бэрийэн, илим баайан, үтэн көмүс хатырыктааҕынан бар дьонун аһатар.

1970с. 4 кыра оҕолоох Атласова В.П. кэргэн ылан саха эр киһиттэн модун санаалааҕын көрдөрбүтэ. Эбии икки кыыстанан 6 оҕону атахтарыгар туруоран элбэх сиэннэнэн дьоллоох Эһээ буолан олорор.

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ