Дети войны

 
 
Годы жизни: 15. 09. 1927 - 28. 02. 1993

Ушницкая Акулина Гаврильевна

Үлэ, тыыл бэтэрээнэ (15.09.1927-28.02.1993 с.с.)

 

Акулина Гаврильевна 1927 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун Түүлээх нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Төрөппүттэрэ Акулина Федоровна уонна Гаврил Анисимович Ушницкайдар алта оҕону көрөн –истэн атахтарыгар туруорбуттара. Лина ыал саамай кыралара да буоллар уон сааһыттан улахан дьонтон итэҕэһэ суох от мунньааччынан, кэбиһээччинэн, оҕус сиэтээччинэн үлэлээбит.

Ийэбит  1980 сыллаахха суруйан хаалларбыт ахтыытыттан – «Сэрии буолбутун 1941 сыллаахха үөрэнэн бүтэн, холкуоска үлэлии сылдьан истибитим. Онно кырдьаҕастар, ийэлэр долгуйуу бөҕөтө буолбуттара. Мин оскуолаттан уон биэс биэрэстэлээх сиргэ олорор этим. Онон наар өйүөлэнэн, ыалга олорон үөрэммитим. Уон икки сааспыттан холкуоска үлэлээбитим. Сайынын от мунньааччынан, кэбиһээччинэн, оҕус сиэтээччитинэн, бугул түгэҕэ харбааччынан үлэлиирим. Окко сылдьан баран күһүн, атырдьах ыйыгар, сиэмэ быстара сырыттахпына, дьоннорбутугар бэбиэскэ кэлбитэ. Ол күн эбиэттэн киэһэ дьоммут бары дьиэлэригэр баран хаалбыттара. Арай мин уонна машинист Бочкарев Андрей Иванович, Бочкарева Анастасия Федотовна буолан, үһүөйэҕин хаалан сиэмэни быстарбыппытын өйдүүбүн. Массыынаһыт массыынаҕа олорор, мин оҕус сиэтэбин, быһыллыбыт сиэмэни баайара, ону хайаан биир киһи кыайыай, быстарары тохтотон баран мин аны онно сиэмэ баайсан, сосулуоннаан киэһэ хойукка диэри үлэлээбиппит. Массыынаһыппыт, ыарыһах киһи, баайарга кыайан көмөлөспөт уонна ол урукку техника алдьанар-кээһэнэрэ элбэх, ону оҥорор этэ. Ол кэнниттэн сорох окко сылдьар дьону уонна кырдьаҕастары аҕалан көмөлөһүннэрэн сиэмэбитин хомуйбуппут.

Оскуолаҕа барыахпыт биир-икки хонук эрэ хаалбытын кэннэ үлэлээн бүтэн, сайыны быһа атах сыгынньах сылдьан баран этэрбэс кэтэн оскуолаҕа барарбыт. Аны санаатахха этэрбэспит сылааһа, сымнаҕаһа үчүгэй да буолара, ону билигин да бу курдук өйдүүбүн.Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан былах быһан, саас оскуола оттук маһын кэрдэн, саһааннаан оҕолор улахан күүс-көмө буоларбыт.

Элбэҕи эппэккэ туран, саамай өйдөөн-санаан хаалбыппыттан суруйдахпына, 1942-1943 сылларга улахан кураан дьыллар этилэр. Мин икки убайдааҕым 1943 сыллаахха саас иккиэн биир күн армияҕа барбыттара. Онон икки хараҕа суох аҕабын, ыарыһах ийэбин кытта хаалбытым. Урут да үлэлиир этим эрээри, бу кытаанах  бириэмэҕэ соҕотох үлэһит буолан хаалбытым. Аҕам, икки хараҕа суох да буоллар, от охсор, мунньар, ийэбинээн моой оттуур этилэр. Миигин буоллаҕына Халыма үрэҕэр түөр уон биэрэстэлээх сиргэ окко ыыппыттара. Оччолорго билиҥҥи курдук курдук техника суох. Сайын аһыыр аскыт диэн кыра бурдук дуомун уонна арыы өйүөлээн атаарбыттара. Атынан, оҕуһунан айаннаан киэһэ хойут иччитэх өтөххө тиийбиппит. Эр дьону кытта тэҥҥэ 40-50 суотай сири охсобун. Саамай кытаанах үлэ өтөх отун охсуу этэ, ото кытаанаҕа, куйааһа. Ходуһаны охсууга кэм уу иһэ-иһэ сылдьаҕын уонна салгыннаах да буолар. От мунньуһан, кэбиһэн күһүҥҥэ диэри сылдьарым. Хас сайын ахсын үрэххэ туулаан аһыырбыт. Күһүн кэлэн үөрэнэрим.

Кыайыы мин сэттискэ үөрэнэ сырыттахпына буолбута. Арай сарсыарда оскуолаҕа тиийбитим, учууталлар бары үөрбүттэр-көппүттэр. Оҕолору барытын биһиги кылааспытыгар мустулар уонна дьэ оскуола директора Кыайыы буолбутун туһунан биллэрдэ. Бука бары «Ураа!» хаһыытыы-хаһыытыы дьиэбитигэр ким урут тиийэн этэ охсор диэн сырсыы бөҕө буолбуппут. Наһаа да үчүгэй этэ.

Онтон аны сэрии алдьархайын чөлүгэр түһэрии туһугар үлэ-хамнас буолла. Сэттэ биэрэстэлээх сиртэн эр дьону кытта тэҥҥэ оҕуһунан от тиэйэбин. Оскуолаҕа, балыыһаҕа мас кэрдиитэ буоллаҕына, маһы охторон, эрбээн, оҕус сыарҕатыгар тиэйэн, тоҥуу хаарынан сыылларан киллэрэбин. Кыһын бэйэм сүөһүм отун эмиэ тиэйэбин. Биирдэ дулҕалаах сиргэ сыарҕам быата быстан, отум сууллан наһаа эрэйдэммиппин өйдүүбүн.

Ол саҕана эмээхситтэр миигин бачча кыраҕыттан наһаа күүскэ үлэлиигин, кэнники охсуулаах буолуо дииллэрэ. Ону истибэккин, стахановец, ударник буола-буола үлэлээн бара тураҕын. Стахановецкай нэдиэлэ диэҥҥэ күҥҥэ балтараа га сири мунньарым, сарсыарда күн тахсыаҕыттан күн киириэр диэри ходуһаҕа сылдьарым».

Сэрии сылларыгар үлэлээбит үлэтин сыаналаан ийэбитин 1947 сыллаахха “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сыллар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн бэлиэтээбиттэр.

Кэниики 1949 сыллаахха Бороҕоҥҥо киирэн «Мичил» дьааһыла-саадка түүҥҥү ньээньэнэн, 1953 сыллаахха райсовет ларегар атыылааччынан, кэлин сылларга межколхозстройга, киносетька охрана отделыгар кассирынан үлэлээбит. Кэлин 1971-1976 сылларга бытовой комбинакка иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ. Бу тэрилтэттэн үлэ бэтэрээнэ буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Акулина Гаврильевна  1993 сыллаахха олунньу 28 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Өр үлэлээбит үлэтин түмүктэрин элбэх Хайҕал суруктар, юбилейнай медаллар туоһулууллар:

26.06. 1947 г.- медаль "За доблестный труд в ВОВ 1941- 1945 гг."

05.11. 1975 г. - юбилейнай медаль „30 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.»

11.09. 1980 г. - медаль «Ветеран труда»

 30.04.1985 г. - юбилейнай медаль „40 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.»

Ийэбит, эбэбит, хос эбэбит олорон ааспыт оло5о оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр үтүө өйдөбүл, холобур буолан салҕаныаҕа.

 

                                                                                                                                        Кыргыттара Людмила, Галина, Валентина дьиэ кэргэттэрэ

                                                                                                                                                                                06.05.2020

 

Место рождения: Тюляхский наслег Усть-Алданского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ