Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1901 г. - 1943 г.

Родился в 1901 году, призван  в 1942 году, погиб в 1943 году.

Мин аҕам Петр Прокопьевич 1900 сыллаахха «Көрдьүгэн» диэн сиргэ төрөөбүтэ. Колхоз тэриллээтин кытта колхозка киирбитэ. Ханна кытаанах үлэ баар, онно үлэлээбитэ. Кыһын булчут, арыт Алданынан, Бодойбонон бэдэрээккэ сылдьара. Бэдэрээккэ күһүн бараллара, саас кэлэллэрэ. Арыт олус хойутаан күөх хабырҕалынан, өрүс кутталланан эрдэҕинэ биирдэ кэлэллэрэ. Туох да хамнас, харчы суох, аҥаардас бэйэлэрин эрэ айахтарыгар хамначчыт буолан тахсаллара. Колхозка туох дохуоту аҥалалларын билбэтим. Сайыныгар от охсуута, от кэбиһиитэ, күрүө тутуута, от тиэйиитэ, сүөһү аһатыыта, арыт «Боолдьукка» сайылыкка сүөһү бостуугунан үлэлиирэ. Колхоз бырабылыанньатын чилиэнэ этэ. 1942 сыллаахха сэриигэ бэс ыйыгар улахан уолун Дмитрийы кытта барбыта уонна эргиллибэтэҕэ. Оччотооҕуга, солдат өлбүтүн туһунан олохтоох сэбиэт кистиир идэлээх этэ, онон извещение туппатахпыт. Аҕабыт олус булчут, кусчут, кэргэнигэр олус үчүгэй майгылаах киһи этэ. Уолаттарыгар барыларыгар хаар күрдьэҕин, хотуур, саа оҥортоон биэрэрэ. Саатар бары бэйэлэригэр сөптөөх хамсалаах этилэр. Бэйэтэ олус үлэһит, оҕолорун эмиэ үлэнэн иитэрэ. Стахановец буолан Сэлээнҥэ самолетунан көтөн турар.

 (Сафонов Еремей Петрович ахтыытын балта Старостина Анастасия Петровна суруйан биэриититтэн).

ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ