Кононов Илья Петрович 1920 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр Арыылаахха Петр Игнатьевич, Александра Петровна Кононовтарга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэлэр, сэттэ сыл балыс бырааттаах Алексей Петрович диэн. Илья Петрович 1930 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. 1934 сыллаахха 4 кылааһы бүтэрбитэ. 1935 сыллаахха Арыылаах холкуоска чилиэнинэн үлэлии киирбитэ, онтон ыла холкуос ыарахан үлэтин этинэн-хаанынан биллбитэ. 1943 сыллаахха ыам ыйыгар армияҕа ыҥырыллан барбыта. Монголиянан, Читанан авиационнай чааска сулууспалаабыта. Кинилэр чаастара Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946 сыллаахха от ыйыгар төрөөбүт түөлбэтигэр төннөн кэлбитэ. Сэрииттэн кэлэн баран, "Арыылаах" холкуоска араас илии ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ. Үлэлии сылдьан олоҕун аргыһын Трифонова Анна Еремеевнаны көрсөн олохторун холбоон, 7 оҕону күн сирин көрдөрөн, атахтарыгар туруортаабыттара. 10 сиэн, 19 хос сиэн тапталлаах, киэн туттар эһээтэ буолар.