Заровняев Евдоким Иннокентьевич Горнай улууһун Маалтааны нэһилиэгиттэн төрүттээх. 337-с стрелковай Лубненскайдааҕы, Кыһыл знамялаах, Суворов, Богдан Хмельницкэй уордьаннардаах дивизия "Смерш" контрразведкатын отделын туспа взводун отделениетын хамандыыра. "Хорсунун иһин", "Будапеһы ылыы иһин", "Германияны кыайыы иһин" мэтээллэрдээх.