Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1918
Воинское звание: Рядовой

Күндү дьоммор махтанабын

Мин эһээм Осипов Василий Васильевич Чүүйэҕэ «Тоҥус» алааһыгар 1918 сыллаахха сэттэ уол, биир кыыс оҕолоох ыалга төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. 1932 с. дойду үрдүнэн стахановскай хамсааһын саҕаламмыт. «Кыһыл трактор»  колхозтаах үлэһиттэрэ онтон хаалсыбатахтара. Осипов Василий Васильевич аата стахановецтар үрдүк ааттарын кэккэлэригэр эмиэ ааттаммыта.

1936 с. «Кыһыл трактор» колхоз 66 чилиэннэммит эбит. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаламмытыгар, сэриигэ ыҥырыы  биһиги дьоммутун эмиэ таарыйбыта. Алта уол оҕолоро утуу-субуу армияҕа ыҥырыллан барбыттара. Балтылара Балбаара уонна кыра уол Уйбаан хаалбыттар.

Биһиги эһээбит колхозка сылгыһытынан үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан 1943 с. армияҕа ыҥырыллан 20-с ат депотугар сылдьыбыт, Монголиянан, Сахалинынан, Япониянан. Армияҕа биһиги эһээбитин кытта Филиппов Назар Федорович, Скрябин Сидор Владимирович бииргэ сылдьыбыттар.

Эһээм билиэн түбэспит дьоппуоннары харабыллааһыҥҥа сылдьыбыт. Ол сылдьан биир дьоппуон киһитин билсибит. Ол киһи эһээбэр быһах оҥорон бэлэхтээбит этэ. Үчүгэй баҕайы эриэн муос уктаах дьоҕус быһаҕы.

Төннөн 1947 с. күһүнүгэр кэлбит. Дойдутугар кэлэн эбээбит Андросова Евдокия Саввичнаны билсэн кэргэн ылар. Кыайыы буолбутун кэннэ, дойдуларын олоҕун тупсараары, кыахтара баарынан былааны толороору үлэ-хамнас үөһүгэр түһэллэр. Эһээбит эмиэ сылгыһыттыыр. Колхозтарын түүлээххэ былааннара туолбакка Филиппов Наһаары кытта иккиэн ыраах баран түүлээҕи бултууллар. Бултаабыт бултарын аҕалан туттаран, былааннарын колхоз толорор. Эһээбит колхозка да, совхозка да наар сылгыһытынан үлэлээбитэ. Бииргэ сылгыһыттаабыт дьоннорунан Дмитриев Семен, Степанов Иван, Петров Прокопий, Атласов Иннокентий, Федоров Иван этилэр. Эһээбит сылгыһыттыы сылдьан ат баайыытыгар, ат сүүрдүүтүгэр эмиэ үлэлиирэ. Аттарын «Куоҥ Харахха» уонна куоракка киллэрэн сүүрдэллэрэ. Кыһыннары-сайыннары олорон турбат үлэлээхтэрэ. От үүммэтэҕинэ атын сиргэ оттууллара. Аммаҕа тиийэн эмиэ оттообуттар. Аттара ууга киирбэккэ эрэйи көрдөрбүттэригэр эһээм бэйэтин атын ууга киллэрэн, атын аттары батыһыннаран ууну туораппыт. Олус ыксаллаах түгэннэргэ бэйэтэ хорсунун, куттаҕаһа суоҕун көрдөрбүт. Аны саас сылгыларын өрүс арыытыгар үүрэн киллэрэн аһаталлара, өрүс талаҕын быһан сиэтэллэрэ. Сайын ахсын оскуола оҕолоругар окко эмиэ лааҕыр тэрийэн үлэлэтэллэрэ. Онно эһээбит аттарынан, ат охсорунан от оҕустаран биэрэрэ.

Биһиги эһээбит  көнө майгылаах, чиэһинэй, олус кыраттан да наһаа үөрүнньэҥ, үлэтигэр олус кыһаллан, үтүө суобастаахтык үлэлиирэ, биһигини эмиэ онно үөрэтэрэ.   Кэлин биэнсийэҕэ да тахсан баран сылгыһыттаабыта. Кыһын таҥаһа халыҥ буолан, атыгар киһи көмөтүнэн тахсан олороро. Уонна сылгыһыттарыгар махтанара, «уолаттарым аппын миинэрбэр көмөлөһөн абыраатылар» диэн. Үлэлээн бүтэн, уурайан баран хайдах эрэ тэһийбэт курдуга, киир да киир, таҕыс да таҕыс буолара. Тугунан дьарыктаныан булбат курдуга, устунан ыалдьан барбыта. Хата отделение салалтатын управляющайа, биригэдьиирдэрэ сүбэлэрин холбоон, өр сыл сылгыһыттаабытынан диэн илдьэ сылдьыбыт кырдьаҕас атын бэйэтигэр биэрэргэ диэннэр, аҕабыт атын ылан баран дьэ сэргэхсийэн, үтүөрэн барбыта. Атын биэрбиттэригэр наһаа үөрбутэ, махтаммыта.

Эһээлээх эбээм дьон ортотугар үлэни өрө тутан  бииргэ 50-тэн тахса сыл эйэ дэмнээх, иллээх олоҕу олорбуттара. Эһээм Осипов Василий Васильевич - Аҕа дойду Улуу сэриитин  кыттыылааҕа, Ходоро нэһилиэгин, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Сэриигэ кыттыбытын туоһулуур элбэх мэтээллэрдээх. Эбээм Евдокия Саввична - маҥнайгы тракторискалартан биирдэстэрэ, Ходоро нэһилиэгин, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Мин дьонум дьоһуннаах олохторунан киэн туттабын, холобур оҥостобун. Эйэлээх олох иһин кылааттарын киллэрбиттэрин сыаналыыбын, махтанабын!

 

Сиэннэрэ Нарыйа Нестерова,

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ыччат уонна дьиэ кэргэн салалтатын специалиһа

 

 

Годы службы: 1943-1947
Место рождения: с.Чюйя Мегино-Кангаласского района ЯАССР
Место службы: Монголия, Сахалин, Япония
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ