Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1910-1942

Родился 10 ноября 1910 г, призван в 1941, погиб 25 апреля  1942 г в городе Боровичи Новгородской области, умер в госпитале от кровопотери сепсис левой нижней конечности. Красноармеец 1251 стрелкового полка, воевал на озере Ильмень.

Биһиги - сэрии иннинээҕи оҕолор сэрии ыарахан кэмнэрин эппитинэн-хааммытынан билбит көлүөнэ дьон Улуу Кыайыы туьугар харса суох сэриилэспит, тыылга хоргуйа-хоргуйа күнүстэри  -түүннэри үлэлээбит биир дойдулаахтарбытын өйдүүбүт, махтана ахтабыт. Кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр, ыччакка кэпсиир, тиэрдэр ытык иэстээхпит. Биһиги аҕабыт Иванов Борис Трофимович маҥнайгы хомуурга түбэһэн 1941 сыл атырдьах ыйыгар борокуотунан сэриигэ барбыта. Ол иннинэ кини ликбезкэ үөрэммит буолан холхуос бэрэссэдээтэлинэн, совхоһунан, кадровай булчутунан улэлээбитэ.

Аҕам сэриигэ барарыгар ийэм үс оҕолоох хаалбыта. Улаханнара мин 6 саастааҕым, быраатым 3 саастаах, балтым биир саастаах этилэр. Аҕам бииргэ төрөөбүт түөрт эдьийдээх, кини соҕотох кыра бырааттара эбит. Онтон эһэбит эрдэ өлөн эбэбит иккиһин Кузьмин Александр диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт уонна өссө икки уол оҕоломмут. Ол киһитэ эмиэ эрдэ өлөн эбэбит сэттэ оҕотун кытта тулаайах хаалбыт. Эбэбит икки уола сэриигэ барыахтарын иннинэ өлбүтэ.

Аҕабыт сэриигэ сылдьан хаста да сурук ыыппытын ийэбит сутэртээн кэбиспит. Кини эдьийинээн иккиэйэхтэр, оҕо эрдэхтэринэ дьонноро өлбүттэр. Ийэбит үксүн сүөһу үлэтигэр үлэлээн тахсыбыта – ыанньыксытынан, субан сүөһуну көрөөччүтүнэн, хортуоппуйга, оттоһуҥҥа, ардыгар бурдук баайыытыгар эмиэ сылдьара. Эрдэ тулаайах хаалан үөрэммэтэх, нэһиилэ илии баттыыр этэ. Урут дьааһыла, саад кэлиэ дуо, ферма оҕолоро кыһын оһох тула хааларбыт, дьоннорбут дьиэтэ-уота суох буоланнар колхуос дьиэтигэр дьукаахтаһан олорор этилэр. Сайын дьоннорбутун батыһа сылдьар бэйэбит кыһын хаайтарарбыт, таҥнар таҥаспыт суох буолан. Дьоннорбут киэһэ үлэттэн сылайан-элэйэн кэлбиттэрин кэннэ, аны ийэбитин кытта сиргэ бииргэ утуйан турабыт, атахтаһан, орон диэн суох. Фермаҕа оҕолордоох аҥардас ийэлэр бэйэлэрэ кыһын оҕуһунан  мас кэрдэн киллэрэн, илиилэринэн эрбээн мастанан кыстыыр этилэр. Очолорго дьиэ оҥоһуута кэлиэ дуо. Аччыктааһын муна-тана, ыалдьааһын, өлөөһүн үгүс буолара. Өлбүт дьону саас биирдэ көмөллөрө. Сэрии сылларыгар саатар курааннаан от аанньа үүммэккэ кыһынын сүөһүлэр аччыктаан охтоллоро. Ийэбит эрэйдээх күнү быһа үлэҕэ сылдьара, ыарыйдахпытына оту-маһы эмп оҥорон иһэрдээхтиирэ. Ол иһин киниэхэ үйэм тухары махтана саныыбын. Улахан үөрэх суох, начальнай кылааһы эрэ бутэрбиппит. Колхуоска үп-харчы суох, көмөлөһөр аймах-билэ дьоммут эмиэ суох. Оннук ыарахан олоҕу ааһан билигин ыарыһах буолан олоробут. Мин оскуолаҕа дьиэ сууйааччынан үлэлээбитим, онон биэнсийэм кыра, билиҥҥи олоххо ханан да эппиэттээбэт.

Колхуоска оҕо сылдьан араас улэҕэ улэлээбитим. Ийэбит эмиэ колхуос пенсиятынан барбыта, сэрии огдообото диэн тугу да туһамматаҕа, соннук өлөөхтөөбүтэ. Ол да буоллар эһэлэрин аатын ааттатар сиэннэри хааллардым диэн үөрүүтэ сүрдээх этэ, уон сиэн, хос үс сиэннээх.

Мин сэттэ оҕо ийэтинэбин. Кэргэмминээн 1957 сыллаахха ыал буолбуппут, 35 сыл олорбуппут. Кэргэним 1993 сыллаахха 65 сааһыгар сылдьан өлөөхтөөбүтэ. Эдэр эрдэҕинэ Сахалиҥҥа, Чукоткаҕа – подводнай лодкаҕа 4 сыл 4 ый сулууспалаабыта. Кини эмиэ аҥаардас  ийэлээх, эмиэ үстэр, аҕалара эрдэ өлбүт, ыалдьан.

Мин кыра уолум эһэтэ хайа сиргэ көмүллэн сытарын Интернетинэн көрдөөн булла. Онно «Иванов Борис Трофимович 1912 г.р., красноармеец, умер 25 апреля 1942 года от гангрены левой нижней конечности, сепсис, острая кровопотеря, похоронен в Новгородской области в г.Боровичи» диэн суруллубут эбит. Аҕам быраатын өлбүт сирин эмиэ булбут.

«Кузьмин Савелий Александрович 1917 г.р., Якутской ААСР, Олекминский р-н Кочегаровский с/с. Красноармеец-стрелок. Убит 6.2.1942 года в бою в районе деревни Миново, похоронен на западной опушке леса, что 0,5 км западнее деревни Снежедь Чериского района Тульской области» диэбиттэр.

Оттон ветераннар тустарынан кинигэҕэ аҕам быраатынаан сураҕа суох сүппүттэр диэн киирэ сылдьаллар. Урут онно-манна суруйан ыйыталаһа сатаабыппыт да, туох да эппиэт кэлбэтэҕэ. Онон быйыл Улуу Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйугэр кинилэр ханна көмүллэ сытар сирдэрин булан үөрэбит.

Сиэннэрэ баҕар хаһан эмит эһэлэрэ көмүллүбүт көмүс унуоҕар тиийэн сүһүөхтэрин сүгүрүйэн, ахтылҕаннаах Сахатын сирин алааһыттан, туруйалар тохтоон ааһар сирдэрин буоруттан ууран кэлиэхтэрэ диэн баҕа санаалаахпын. Итиэннэ элбэх оҕолордоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх буоларым быһыытынан хаһан да сэрии буолбатыгар баҕарабын.

Урут оҕо эрдэхпинэ ыарахан олоҕу ааспыт буоламмын эдэр ыччакка этиэм этэ – сэрииттэн урусхалламмыт дойдубутун биһиги – аҕа көлүөнэ дьон чөлүгэр туһэрбиппит. Сэрииттэн ордон кэлбит дьоннор  да сынньанан олорбокко үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Оттон билигин олох сайынна, дьон барыта үөрэхтээх да үлэ көстүбэт үйэтэ кэллэ быһылаах, эгэ кэлэн тыа сиригэр үлэ баар буолуо дуо, ыал үксэ ынахтарынан харчыланан олороллор. Бары өттүнэн эргитэ санаан, сыаналаан көрдөххө, ханна баҕарар киһи киһиэхэ сыһыана хагыстыйбыт, көмөлөсүһүү мөлтөөбүт, ийэлэр, аҕалар харчы төлөөн үөрэттэрбит оҕолоро ыстаастара, уопуттара суох аатыран үлэтэ суох сылдьаллар. Ол да буоллар, билиҥҥи олох төһө да ыараххаттардааҕын иһин, ыраас дууһанан, кырдьыгынан, тапталынан, итэҕэлинэн, эрэлинэн сирдэтинэн олоруохха наада. Бу орто дойдуга биирдэ кэлэн олорон ааһабыт, онон иллээх буолуохха наада. Ыччат кимиэхэ да найыламакка үөрэҕи, үлэни кыайа тутан иннин диэки дьулуһуохтаах.  Мин сотору 75 сааспын туолуом. Улуу Кыайыы туьугар сэриилэспит хас биирдии саллаат умнуллуо суохтаах диэн баҕа санааттан бу хаһыакка суруйдум.

Татьяна Борисовна ИВАНОВА, 2 Нөөрүктээйи с.

Годы службы: 1941-1942
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ