Они сражались за Родину

 
 
Годы жизни: 1884 - 1958
Воинское звание: рядовой

Афанасий Дмитриевич Алексеев 1894 с. Хара нэһилиэгин дьадаҥы дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Кутаардаах Миитэрэй оҕолоро кыра эрдэхтэринэ өлүтэлээбиттэрэ, онон Дыдаа Охонооһойо соҕотох оҕонон улааппыта.

Кыра эрдэҕинэ тулаайах хаалар. Манньыаттаах кулуба кинини бэйэтигэр ылар. Уонча сыл манна олорор, үлэлиир. Ыал буолан төрөөбүт алаһыгар Көкөккө көһөн кэлэр.

Сэбиэскэй былаас кэлбитин кэннэ Сталин аатынан холкуоска үлэлээбитэ. Оччолорго бары тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Охонооһой сатабыллаах буолан, көлө массыынатыгар, уус дьиэтигэр үлэлээбит. Стахановскай хамсааһыҥҥа күүһүн барытын ууран туран үлэлээн, "стахановец" үрдүк аатын ыларга ситиспит.

Дыдаа Охонооһойун көмүс ууһун быһыытынан Хара олохтоохторо билэллэрэ. Көмүһүнэн араас киэргэллэри оҥорон дьоннору үөрдэрэ. Кини оҥорбут үгүс оҥоһуктара сэрии кэмигэр Саха сирин аатын сүгэр танковай полка тэрийиигэ туттарыллыбыттара. Онтон сутурук саҕа алтан куһуогуттан сэрии иннинэ ас буһарар чаан таптайан оҥорбутун, Лоомтукаттан суттан куотан иһэр дьиэ кэргэҥҥэ биэрбит. Нэһиилэ хааман иһэр дьоннор Көкөт (Ыраахтааҕы) алааһын аттынан ааһан испиттэригэригэр:"Баҕар абырыа, иэдээнтэн былдьаан ылыа".- диэн биэрэн ыыппыт.

Афанасий Дмитриевич 1943 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. Саастаах уонна үөрэҕэ суох буолан Читаҕа үлэ фронугар хаалларбыттар. Суруннээн сылгылары көрөр эбит. 1945 с. милитарискай Японияны кыайыы кэнниттэн дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

Сэрииттэн кэлээттэ, холкуоһугар үлэтин салҕаабыта. Уруккутун курдук уус дьиэтигэр, көлө массыынатыгар үлэлээбитэ. Ситиһиилээхтик үлэлиэ эбит да, параличтаан ыалдьан кыайан хамсаабат буолан олорбута. 1958 с. өлбүтэ. Афанасий Дмитриевич кыыһын ыал оҥорон, сиэннэрин илииигэр көтөҕөн, сирдээҕи олоҕун толору олорон дьоллоох киһинэн бэйэтин ааҕынара. Өссө ордук кини Сэбиэскэй кэмҥэ олорбутун астынара: дьадаҥы дьон оҕото, хамначчыттыыр диэни билбит киһи, саҥа олоххо бэйэтин киһи курдук сананан сылдьарыттан дуоһуйара.

 

Годы службы: 1943-1945
Место рождения: с.Хара Мегино-КАнгаласского района Якутской АССР
Место призыва: с.Майя Мегино-Кангаласский район
Место службы: г.Чита
Боевые награды: За победу над Японией
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ