Годы жизни: 14.11.1941

Сергеев Изослав Михайлович 

1941 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр күн сирин көрбүт. Аҕата Сергеев Михаил Егорович Тойон Арыыттан төрүттээх, ийэтэ Сергеева Анисия Даниловна ΙΙ Дьөппөнтөн төрүттээх. Дьонугар соҕотох  оҕо эбит. Аҕата сэриигэ ыҥырыллан барарыгар 7 ыйдаах оҕо хаалбыт, онон аҕатын өйдөөбөт. Ийэтэ ыалдьан наар балыыһаҕа сытар буолан, кинини эдьийэ Катя көрбүт. Биир быһыы килиэп сиирин, үүт иһэрин уонна ынах хомуйан илии-атах буолан көмөлөһөрүн өйдүүр. Эһэтэ кэпсииринэн, аҕата сэриигэ барыар дылы Дьокуускай куоракка бухгалтерынан үлэлээбит. 1947 сыллаахха 6 саастааҕар ийэтэ өлбүт. ΙΙ Дьөппөнтөн Дьобулҕаҕа эһэтигэр Сергеев Егор Саввичка аҕалбыттар, онтон ыла эһэлээх эбэтигэр иитиллибит. Эһэтэ сылгыһыт, эбэтэ ыанньыксыт эбиттэр. Үс кыыс оҕолоох эбиттэр. Дьобулҕаҕа сэттис кылааска дылы үөрэммит. Тулаайах буолан эрдэ үлэһит буолбут. Сайын от оттоон, күһүн мас мастаан, уу аҕалбыт маһын хомуйан эһэтигэр көмөлөһөр эбит. 1956 сыллаахтан ыччат сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбит. Дьобулҕаҕа өр сылгыһытынан, “Булгунньахтаах” совхозка рабочайынан, кочегарынан пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбит. Окко былааннарын толорон Сочига путевканан баран сынньанан кэлбит. Кыһамньылаах, таһаарыылаах үлэтин иһин бочуотунай грамоталарынан, «Үлэ ветерана» знагынан бэлиэтэммит. Кэргэнинээн Ольга Афанасьевналыын 1961 сыллаахха кулун тутар ыйга ыал буолбуттар. 8 оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбуттар, билигин 17 сиэн, 5 хос сиэн эһэтэ-эбэтэ буолбуттар. Оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр курдук үтүө үлэһит, дьоллоох дьон буолалларыгар баҕа санаалаах этэ.

Место рождения: Тойон Арыы Орджоникидзевского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ