Матвеев Тихон Афанасьевич
- Годы жизни: 1893–1979
Илин Хаҥалас улууһун Лээгиги нэһилиэгэр Бугуллаахха 1893 сыллаахха сыллаахха төрөөбүтэ.
Үрдүк уҥуохтаах, уһун илиилээх, атахтаах, сырдык хааннаах киһи этэ. Лоп-бааччы саҥарар улахан куоластааҕа. Ликбезка үөрэнэн илии баттыыр буолбута. Тихон салайар үлэҕэ улахан дьоҕурдаах киһи буолан, Каракаан – Өлөксөй аҕатын ууһун бэрт өр кэмҥэ салайан, сүбэлээн, түстээн олорбута.
Лээгигэ 1931 сыллаахха аан бастаан булчут артыала тэриллиэҕиттэн, бу артыал холкуоска кубулуйан, кэлин 1950 сыллаахха бөдөҥсүтүү буолан икки холкуос холбоһон Калинин аатынан холкуос буолуор диэри холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
1948 сыллаахха «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941–1945 сс. Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Калинин аатынан холкуос чилиэттэрэ урукку олорбут сирдэригэр, дьиэлэригэр-уоттарыгар олорбуттара, бөһүөлэктээһини ыыта сатаабатахтара. Холкуоска ыанар ынах фермата, сылгы фермата, таба сүөһү фермата барыта олохтоох услуобуйаҕа, сиргэ сөп түбэһиннэрэн тэриллибитэ. Нэһилиэнньэ тыа түүлээҕин, кыылын бултааһыны, балыктааһыны салгыы олорбута. Холкуоска сир оҥоһуутунан дьарыктаммыттара - бурдук, хортуоска ыһар этилэрэ. Ыһыы иэнэ наһаа кэҥэтиллибэтэҕэ барыта кыах иһинэн. Тихон үөрэҕэ суох эрээри, ааҕан–суоттан экономиканы салайбыта, оройуон салалтатыгар бэйэтин тылын-өһүн ылыннарар, итэҕэтэр кыахтаах киһинэн буолара итинтэн да көстөр. Тихон салайан олорор кэмигэр сокуону кэһии, буруйу оноруу, үлэ дьиссипилиинэтин тосту–туора кэһии, тутуспат буолуу биир да түбэлтэтэ таһаарыллыбатаҕа эмиэ улаханы этэр.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕана, кини партия уонна правительство тыылга үлэни тэрийиигэ итэҕэлин ылан (бронь) аармыйаҕа ыҥырыллыбатаҕа. Кини салайар колхуоһа Калинин аатынан холкуос, оройуон бары холкуостарын курдук бэриллибит сорудаҕы бириэмэтигэр толортоон испитэ. Сорудахтары кэмигэр толорбокко кириитикэҕэ, сэмэҕэ тардыллыбыт түбэлтэлэрэ суоҕа. Тихон салайар колхуоһун киинэ Дьороҕойдооххо баара. Бэйэтэ Күөх Арыы өтөҕөр кыһыннары, сайыннары бэрт уһуннук олорбута. Күөх арыыга бэйэтигэр оттоноро. холкуостар холбоспуттарын кэннэ Төгүлтэ Төрдүгэр саҥа дьиэ туттан олохсуйбута. Лээгини көһөрүүгэ Чакыр нэһилиэгэр көһөн кэлэн, дьиэтин көһөрөн аҕалан туттан олохсуйбута.
Тихоны үтүө суобастаах үлэтин иһин республиканскай суолталаах персональнай пенсияҕа таһаарбыттара. Тихон кэргэнинээн Айанньыт Бүөтүр кыыһа Ирина Петровналыын төрөппүт аҕыс оҕотуттан үһэ тыыннаах хаалбыта. Улахан уоллара Матвей Тихонович СГУ бүтэрбитэ, математика учуутала этэ, 5 оҕолоох, сиэннэрдээх. Кыыстара Мария Тихоновна иистэнньэҥ идэлээх, икки кыыстаах, сиэннэрдээх. Кыра уол Михаил Тихонович Амма сопхуос Чакырдааҕы отделениетыгар суоппардаабыта. Оҕолоро, сиэннэрэ, хосиэннэрэ Аммаҕа, ДЬокуускайга олороллор.
Тихон Афанасьевич 1979 с. Аммаҕа ыалдьан өлбүтэ. II Чакырга Муксун кылабыыһатыгар көмүллүбүттэрэ.
- Место рождения: Лягинский наслег Восточно-Кангаласского улуса Якутской области
- Информация о материале
- TPL_CONTENT_WRITTEN_BY