В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 15.03.1926-10.01.2019

Дьячковская Анна Андреевна Чурапчы улууһугар Одьулуун сэлиэнньэтигэр тɵрɵɵбүтэ. Аҕата Семенов Андрей Григорьевич, ийэтэ Ольга Николаевна. Оҕо сааһыгар тулаайах хаалан иитиэххэ дьонугар иитиллэн, Ийэ, Аҕа диэни билбэккэ улаатан киһи хара буолан бэйэтин кэннигэр элбэх кэнчээри ыччаттары хаалларар.

Үйэтин сааһын тухары үтүө суобастаахтык, үлэни өрө тутан Чурапчы Промкомбинат тэрилтэгэҕэ пенсияга тахсыар диэри иистэнньэгинэн улэлэлээбитэ.

Кыайыы күнүн 19 сааһыгар Мэҥэ-Ханалас улууһугар Майаҕа эдьииийин кытары көрсүбүтүн саамай күндү күн диэн сиэннэригэр, хос сиэннэригэр кэпсиирэ. Ол күн эдьиийин кытары Майаҕа бааллар эбит. Ыраас күннээх, былыта суох күн буолбут, дэриэбинэҕэ ыһыах ыһыллан, дьон бары үөрэ-көтө, куустуһа-сыллаьа сылдьаллар, улахан оһуохай оҥорбуттара диэн ахтан-санаан кэпсиирэ.

1953 сыллаахха Дьячковскай Дмитрий Степановичтыын ыал буолан, дьиэ-уот туттан, 7 оҕону төрөтөн быр бааччы олорбуттара. Эдэр сааһыгар огдообо буолар. 15 тахса сиэни, 30 тахса хос сиэнин көрбүтэ, оҕолоругар көмө буолбута.

Ийэбит, эбээбит, хос эбээбит 93 сааьыгар дылы дьоллоох олоҕу олорбута.

Наҕараадалара: «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» мэтээл, Улэ тыыл ветерана, Кыайыы үбүлүɵйдэрин мэтээллэрэ, грамоталар. Махтал суруктар, 2016 сыллаахха «Уһун үйэлээх» Уус-Алдан улууьун Ытык саас бэлиэ хаьаайката.

Место рождения: Чурапчинский район, с. Одьулуун
Боевые награды: Наҕараадалара: «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.» мэтээл, Улэ тыыл ветерана, Кыайыы үбүлүɵйдэрин мэтээллэрэ, грамоталар. Махтал суруктар, 2016 сыллаахха «Уһун үйэлээх» Уус-Алдан улууьун Ытык саас бэлиэ хаьаайката.
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ