В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1930 -2007

Андросова (Таскина) Мария Егоровна

1930 - 2007

Ийэлэрэ эрдэ өлөн, аҕалара Таскин Егор Семенович 1942 с. сэриигэ барарыгар Мария балтынаан, быраатынаан Слепцова Екатерина Алексеевнаҕа иитиигэ хаалбыттара. Аҕалара 1944 сыллаахха сураҕа суох сүппүтүн туһунан иһитиннэрии кэлэн төгүрүк тулаайах хаалбыттара. Мария 5 кылаас үөрэхтээх. 25 сыл олохтоох балыыһаҕа, санаторийга асчытынан, ньээҥкэнэн биэнсийэҕэ тахсыар дылы үлэлээбитэ. Андросов Афанасий Федотовичка кэргэн тахсан 9 оҕоломмуттара. Онон олоҕун салҕыыр оҕолордоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.

Наҕараадалара "1941-1945 сс Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээл, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын мэтээллэрэ.

Место рождения: с. Баяга Таттинский район
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ