Годы жизни: 19.09.1932г.

Аҕам Ушницкай Михаил Петрович 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбытын кэннэ, сэрии сылларыгар барбыт  дьоммут оннуларыгар туох баар кууспут кыайарынан  "Чкалов"колхоз  араас улэтигэр кыттыбытым. Сайын от улэтэ,  фермаҕа суөҺу көруутэ ,кыһынын уөрэх  быыһыгар  дьоммор  араас ферма улэтигэр кеме -күүс буоларым. Иннэ гынан эппитинэн-хааммытынан, тоҥору-аччыктыыры  билэн улааппыппыт бырааттарбынаан. Кэлин кыайыы кэнниттэн  дойду  сэрии ыар сылларын чөлугэр туһэриигэ  колхозкар улэлээбитим. Кэнники сылларга Остуойка дьааһылатыгар, Дупсун участковай балыыһатыгар, Дупсун орто осуолатын интернаттыгар оҕо иитиитигэр эҥкилэ суох улэлээн  сынньалаҥҥа тахсыбытым. Уон оҕо амарах ийэтинэбин, уон биэс сиэн уонна 29 хос сиэн тапаллаах эбээтинэбин. Оҕолорум бары Республикабыт араас эйгэтигэр улэлии хамсыы сылдьаллар. Үс оҕом Саха сирин  Доруобуйа харыстабылын туйгуннара, икки оҕом Саха Республикатын уөрэҕэриитин туйгуннара , биир оҕом Россия Потрепкооперациятын туйгуна, биир оҕом Саха Республикатын  тутуутун туйгуна .

Наҕараадалар: Герой ийэ, Тыыл-улэ ветерана, Улуу Кыайыы юбилейнай мэтэллэринэн наҕараадаламмытым, Дупсун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕунабын.

Место рождения: Онерский наслег, Усть-Алданского района ЯАССР
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ