Жегусова (Скрыбыкина) Ирина Прокопьевна (15.12.1935 с.), Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин "Жданов" холкуоска, сүөһү, хонуу, бурдук үлэтигэр үлэлээн, "Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. Килбиэннээх үлэтин иһин" 1993 с. мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Ирина Прокопьевна 85 саастаах ытык-мааны ийэ, эбэ буолан, Кыайыы 75 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсөөрү Томпо оройуонун 3 Байаҕантай нэһилиэгэр олорор.