Печетова (Протопопова) Надежда Георгиевна (1937 с.), Таатта оройуонун Саһыл нэһилиэгин " Жданов" холкуоска сэрии сылларын иннинэ төрөөбүт. Онон сэрии сылларын ыарахан олоҕун эҥэринэн тэлэн улааппыт Надя кыыс ханнык баҕарар үлэҕэ кыратыттан убана улааппыт. Ыраас уонна түргэн туттунуулаах Надежда Георгиевна өр сылларга Томпо оройуонун Мэҥэ - Алданыгар оҕо тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Билигин 80-н сааһын лаппа ааспыт ытык мааны РФ Үлэтин ветерана буолан, Кыайыы 75 сыллаах өрөгөйүн этэҥҥэ көрсөөрү олорор.