В тылу ковали Победу

 
 
Годы жизни: 1917-2001

Осипова Анна Антоновна- Улэ, тыыл ветерана.(1917-2001)

         Осипова Анна Антоновна 1917 сыллаахха 2 Дьаархан нэһилиэгэр,   билиҥҥинэн Сунтаар улууһун Маар Күѳл бѳһүѳлэгэр Сылгыһыт диэн сиргэ  күн сирин кѳрбүтэ. Анна Антоновна 1935 сыллар диэки  Осипов Данил Прокопьевичтыын ыал буолан Чуочча5ас диэн Маар Күѳлтэн тэйиччи сиргэ олорбуттара. Сэрии иннинэ Эбээбит колхозка ыанньыксытынан, эһээбит тутууга улэлээбиттэр.

Кэргэнэ Данил Прокопьевич 1941 сыллаахха А5а Дойду II с сэриитэ буолан, сайын сэриигэ барарга  бэбиэскэ туппут. Нэһилиэк кыахтаах эр дьоно бары сатыы сэриигэ Ийэ Дойдуларын кѳмүскүү туруммуттар.

           Анна  түѳрт саастаах уол о5отунуун иккиэйэх хаалбыттар. Ыанньыксыттаан о5отун иитэн, кыһалҕа, аччык бѳҕѳнү кѳрсѳн сэрии сылларын туораабыт. Сүүрбэччэ ынаҕы ыан, олор ньирэйдэрин харайан, ынахтарын бэйэлэрэ хомуйан оннук үлэлээн олорбута. Күһүҥҥү тымныыга таҥастара суох буолан тоҥоллоро. Аччыктааһын, тоҥуу-хатыы.  Сэрии сыллара тыылга хаалбыттарга элбэх эппиэтинэстээх үлэлээх, ыарахан кэмнэр этэ.

         Үлэ быыһыгар, түүн кѳмүлүѳк оһох сырдыгар олорон,  сэриигэ, фроҥҥа диэн куобах үтүлүк, кээнчэ тигэн ыыталлара.

       Пенсия5а тахсан да баран субуотунньуктарга , доярка солбуйуутугар , сайыҥҥы окко үлэлэспитэ.

      Анна Антоновна ыарахан үлэттэн чаҕыйбат үлэһитэ, элэккэй майгыта ,  күүстээх  санаата  кини сиэннэригэр, хос сиэннэригэр куруук үтүѳ   холобур буолар.

Место рождения: ЯАССР Сунтарский район, IIЖарханского наслег
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ