Никифорова Евдокия Ефремовна (1908 - 1986 сс.), Сунтаар оройуонугар II- Дьаархан нэһилиэгэр ыал буолан олорбут. Сэрии сылларын инниттэн холкуос ыанньыксыта. Олус түргэн туттуулаах, барыны-барытын бүтэрэн-оһорон иһэр, от мунньуутугар тэҥнээҕин булбат хоһуун дьахтар эбит. Онон сэрии сылларыгар, тыылга эр киһилии күүстээх үлэҕэ сылдьан, Кыайыыны уһансыбыт. Евдокия Ефремованы II- Дьаархан дьоно-сэргэтэ өйдүүллэр-саныыллар.